Подразделение где служил, воспоминания и биография.
Мин эьэм Птицын Семен Кононович 1911 с. Мэнэ-Ханалас улууьугар, Аранас нэьилиэгин «Бодуьал» диэн алааска дьаданы кэргэннэ тереебут. Оччолорго хос эбэбинээн иккиэн Ворошилов аатынан колхозка улэлээбиттэр. Кыыстаах уол оголоммуттар.
1942 сыллаахха от ыйыгар, 31 сааьыгар сэриигэ ынырыллан барбыт. Кини сэриигэ барарыгар мин а5ам Птицын Роман Семенович ус эрэ саастаах эбит. А5ам кэпсииринэн а5ата уерэ5э суох буолан биирдэ да сурук суруйбатах. 1943с. Угус саха елбут 19-с туспа хайыьар бригадатыгар сылдьан Ильмен куелу туорааьынна елбут. Маннай кэргэнигэр сура5а суох суттэ диэн биллэриитэ кэлбит.
Кэлин кыйыы 55-сылыгар кыраайы уерэтээччи Старай Русса анныгар кыргыьыыларга кыттыбыт Иван Михайлович Павлов 1943с. Олунньу 23 кунугэр Ильмен килэм мууьугар киирбит 19-с хайыьар биригээдэтигэр 393 саха баарын архивтан булан хаьыакка таьаарбыт. 1999с. Ахсынньы 28 кунугэр № 241 «Саха сирэ» хаьыакка онно елбут дьон испиэьэгэ сыла кунэ толору суруллан тахсыбыт, онно эьэбит 80-с киьинэн сурулла сылдьар эбит.
Ильмен куелгэ елбут саха буойуттарагар анаан Дьокуускай куоракка памятник оноьуллубута. «Солдат Туймаады» диэн мемориальнай комплекска аата киирэн тураллар. Тереебут улууьун киинигэр, тереебут дойдутугар баар памятниктарга кемус буукубаларынан кини аата суруллан турарыттан биьиги оголоро, сиэннэрэ хос сиэннэрэ а5абытынан эьээбитинэн киэн туттабыт. Кини ситэ олорботох оло5ун сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыахпыт.
Птицын Семен Кононович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.