Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Тарасова Мария Никифоровна

Биһиги киэн туттар киһибит , Ытык кырдьаҕас, эйэҕэсчэй эбэбит Тарасова Мария Никифоровна. Кини 93 сааһыгар, Уус-Алдан улууһун Суотту нэһилиэгэр олорон күн сириттэн барбыта.
Биһиги эбэбит самаан сайын оройугар от ыйын 15 кунугэр 1912с. Бүлүү эбэ умнаһыгар, Сунтаар улууһун кэрэ-бэлиэ дойдуга, күннээх Күүкэйгэ Федоровтар дьиэ-кэргэттэригэр иккис кыыс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Оччоттон баччаҕа диэри Сунтаар сирэ тойуксут, сээркээн сэһэнньит уонна олоҥхоһут дьонунан биллэр. Ол курдук эбэбит айбыт аҕата Сэгэтэ уола Дорбор Микииппэр, ол кэмҥэ Сунтаарга биллэр тойуксут , сэһэнньит уонна олоҥхоһут бэрдэ этэ. Дойдутугар тойуксут Микииппэр диэн ааттанан киэҥник биллибитэ.
Эбэбит ийэтэ Настаака эмиэ ити дойду кыыһа этэ. Ньир – бааччы олордохторуна бу ыал икки уолаттара соһуччу, күнүнэн быысаһан өлөн хаалаллар. Онтон күрэтэн аҕалара икки кыргыттарын кыбыммытынан Аанньаахха киирэр. Оччолорго суол-иис , киирии-тахсыы, кэлии-барыы Аанньааҕынан баһаам этэ.
Ити курдук эбэбит аах Өлүөхүмэ улууһугар, Абаҕаҕа олохсуйаллар. Эбэбит Маайыс үс сааһыгар Куукэйиттэн арахсан Абаҕа нэһилиэгин олохтооҕо буолар. Ойор – тэбэр оҕо сааһа Абаҕа киэҥ алаастарыгар, көнө сыһыыларыгар ааһар.
1929-1930сс. колхозтааһын саҕана 18 саастаах эбэбит «Ленин» колхозка чилиэнинэн киирэр. Ол сылдьан Абаҕа уолугар Иван Кириллович Тарасовка кэргэн тахсан дьоллоох-соргулаах, эйэлээх олоҕу түстээн олорбуттара.
Үлэ диэн баран муннукка ытаабыт эбэбит Маайыс кыһыннары-сайыннары үлэлии-үлэлии уон биирдэ оҕолонор уонна үс тулаайах оҕону иитэн – харайан Якутскайга үөрэттэрэ ыыппыта. Эбэбит оҕуруокка, окко, бараан көрүүтүгэр сыралаһан үлэлээбитэ. Хайа да үлэттэн толлон турбакка таһаарыылаахтык үлэлиирэ.
1941-1945с.с. фроҥҥа кырыктаах кыргыьыы бара турдаҕына, уот-кураан, сут-сутурҕан сатыылаабыт кэмигэр эбэбит тыылга бэйэтин харыстаммакка үлэлээбитэ. Үлэни-хамнаһы кыайан, аһыыр – аһаабат сылдьан өҥүрүк куйааска от оттоон, сүөһү көрөн, мас мастаан, оҕолорун иитэн-аһатан атахтарыгар туруортаабыта. Ол сылдьан эмп –томп суоҕуттан, олох ыараханыттан үс оҕото быстах дьаҥҥа ылларан кыраларыгар өлөн туораабыттара. Ол эрээри эбэбит эрэйэ-көлөһүнэ таах хаалбатаҕа – Улуу Кыайыы ситиһиллибитэ. Эбэбит үлэ, тыыл ветерана буолбута. СӨ Президененин Махтал суругунан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.
Совхоз тэриллиитигэр ньирэй көрбүтэ, дояркалаабыта, оҕуруокка үлэлээбитэ. Тоҕус оҕотун улаатыннаран, киһи-хара гынаттаан, үлэһит буолалларыгар, сүҥкэн күүс буолан, 60 сааһыгар диэри үлэ үөһүгэр сылдьыбыта. Тоҕус оҕото улаатан төһүү үлэһит буоланнар республика араас улуустарыгар ситиһиилээхтик үлэлээн-хамсаан, дьоһун ыал буолан олороллор. Ол курдук столяр, музыкант, медик, иитээччи, сибээс үлэһитэ, токарь, механизатор идэлэрин ылалларыгар эбэбит өйөбүл буолбута. Оҕолоро оҕо- уруу төрөтөн толору дьоллоохтук олороллоругар эбэбит төһүү буолбута.
Биһиги таптыыр эбэбит сиргэ төрөөн, ийэ үрдүк аатын чиэстээхтик сүгэн 93-с хаарын санныгар уулларан дьоллоох Ытык кырдьаҕас буолбута. Биир бэйэтэ бэһис көлүөнэтигэр диэри чэгиэн олоҕу олорбута. Олох дьолун бары үөрүүтүн да, хомолтотун билэн ааспыт ытыгылыыр эбэбит 9 оҕолоох, 90 сиэннээх, 50 хос сиэннээх, 6 хос-хос сиэннээх. Биһиги сиэннэрэ Булуҥҥа, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Өлүөхүмэҕэ, Дьокуускайга, Покровскайга, Уус-Алдаҥҥа, Уус- Майаҕа, Санкт-Петербурга, Москваҕа, Иркутскайга, Новосибирскайга, Приморьеҕа, Финляндияҕа үлэни, үөрэҕи өрө тутан олоробут. Эбэбитинэн киэн туттабыт. Кини сирдээҕи улахан дьоло – оҕолоругар, сиэннэригэр буоллаҕа. Ытык-мааны эбэбит Мария Никифоровна сылаас үүттээх хойуу чэйэ, толору өлгөм астаах остуола, амарах сахалыы алгыһа биһигини өрүү кынаттыы, үрдүккэ көтүтэ, сөхтөрө туруохтун!

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.