Карамзин Николай васильевич, 1921с. дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Оччотооҕу кэм сиэринэн уол оҕо дьиэ кэргэн тутаах киһитэ буолара, онон үлэни-хамнаһы барытын бэйэтэ толорор этэ. От оттоһон, бурдук ыһыытыгар оҕус сиэтэн, мас мастаан, бултаан-алтаан дьонугар көмөлөһөрө. Колхозка үлэлии сылдьан, 1942с. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыта. Кини танкист этэ.
Ийэ дойдутун өстөөхтөртөн хорсуннук көмүскүү сылдьан, 1944с. төбөтүгэр уонна атаҕар бааһыран дойдутугар төннөн кэлбитэ. Сэрии кэнниттэн туох баар күүһүн-күдэҕин үлэҕэ, дьонун-сэргэтин туһугар анаабыта. Өр сылга эҥкилэ суох үлэтин иһин элбэх хайҕал грамотанан, соҕуруу дойдуга барар путевканан наҕараадаламмыта.
Кэлин сэриигэ ылбыт бааһа бэргээн балыыһа киһитэ буолбут. Онтон арыый үтүөрэн колхоһугар кадровай булчутунан үлэлээн, Ийэ дойдутугар элбэх “сымнаҕас көмүһү”бултаан, государствоҕа туттарбыта. Бэйэтин харыстаммакка үлэлиирэ. Ол сылдьан эмиэ тымныйан, онно эбии сэриигэ ылбыт бааһа бэргээн, эмиэ балыыһа киһитэ буолбута уонна 1978с. уһун, ыарахан ыарыытттан ыалдьан өлбүт.
Маны суруйбут Полина Карамзина «Танкист эһэм»
Карамзин Николай Васильевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.