Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Иванов Гаврил Дмитриевич

75 осбр
Биһиги кыра таайбыт Иванов Гаврил Дмитриевич, сэриигэ барыан иннинэ “Орджоникидзе” колхозка хонуу биригэдьииринэн үлэлии сылдьыбыт этэ. Сэриигэ 1-кы хомуурга 1941с, атырдьах ыйыгар барбыт, 1943 с, олунньу 23 күнүгэр геройдуу сэриилэһэ сылдьан, ылбыт араанньытыттан өлбүт. 1985 с дьонугар оройуон военкомата бигэргэтиилээх биллэрии кэлбитэ: “Ваш сын, красноармеец 75 ОСБ Иванов Гаврил Дмитриевич, уроженец ЯАССР Нюрбинского района, в боях за Социалистическую Родину, верный воинской присяги, проявив геройство и мужество был ранен и умер от ран 23 февраля 1943 г. Похоронен Смоленская обл Бельского района, урочище Соловьи”.Онон мин дьонум биһиги таайбыт хайдах өлбүтүн, ханна көмүллэ сытарын истэннэр санаалара арыый чэпчээбитэ. .Кэлин мин бииргэ төрөөбүт убайым кэпсииринэн ол таайбытыттан 3 муннуктаах 3 сурук кэлбитин, ийэбит уура сылдьыбытын аахпыт. Бастакы суругар Иркутскайга Мальта ыстаансыйатыгар суһал байыаннай үөрэҕи барбыттарын уонна алтынньы ый бүтүүтүгэр арҕаа сэриилэһэр боруоҥҥа барбыттарын суруйбут. Иккис суругар Москуба анныгар сэриилэһэ сылдьан бааһыран хуоспуталга эмтэнэ сытан суруйбут. “Иккиһин бааһыран, хуоспуталтан суруйдум, Калининскай боруоҥҥа сэриилэһэ сылдьан бааһырдым. Хуоспуталга киирдэххэ эрэ киһи солотуйар, онон суруйабын. Атын кэмҥэ наар уот ортотугар сылдьаҕын” диэн этэ үһүс суругун ис хоһооно. Хойукка дылы сураҕа суох сүппүт аатыран сылдьыбыта. Онтон 1985 с ити биллэрии сурук кэлбитэ. Москуба аннынааҕы кыргыһыыга сэриилэһэ сылдьан бааһыран хуоспуталга эмтэммит. Кэлин убайым интернет ситимиттэн таайбыт салгыы сэриилэспит сирин булбут. Калининскай боруоннааҕы 41-с аармыйа 6-с стрелковай куорпуһун 75-с (сибиирдээҕи) стрелковай биригээдэтин састаабыгар сэриилэспит. Москуба анныттан саҕалаан Локня, Ржев, Вязьма, Белый куораттары босхолооһуннарга стрелок- красноармеец быһыытынан сылдьыбыт. Тиһэҕин Белый куорат иһин кыргыһыыга ыараханнык бааһырбытын, чугастааҕы дибиисийэ хуоспуталыгар киллэрбиттэр, хаана тоҕу түспүт буолан, сонно тыына быстыбытын кэлин көстүбүт хара суруга туоһулуур. 2018с убайым кэргэнинээн таайбыт Иванов Гаврил Дмитриевич – Хабырылла сэриилэспит суолунан Москуба уобалаһын Одинцовскай оройуонуттан саҕалаан Тверь уобалаһын Ржев куоратынан, Ржевтэн чугас Саха Сирин буойуннарыгар анаммыт Мемориальнай комплекска сүгүрүйэн кэлбиттэрэ. Таайбыт аата-суола атын саха буойуннарын кытта бииргэ кыраньыыт билиитэҕэ көмүс суругунан суруллан турарын көрөн, улаханнык долгуйбуттара. Сахалыы сиэри -туому толорон , таайбыт кыраньыыт уҥуоҕа турар сиригэр, төрөөбүт алааһын буорун уонна уутун куппуттара. Билигин миэхэ таайбыт колхозка үлэлии сылдьан туттубут, бэйэтин аатын инники буукубаларын суруйбут, мас бэчээтэ баар.
Ахтыыны суруйда балтын кыыhа Иванова Раиса Васильевна.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.