Мин эбэм Иванова Варвара Павловна убайа, Иванов Дмитрий Христофорович 1923 сыллаахха Сунтаар оройуонун I Бородоҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. “Тельман” колхуоска үлэлии сылдьан 20 саастааҕар, Ньурба оройуонун байаҥкамаатын ыҥырыытынан от ыйын 9 күнүгэр 1943 сыллаахха фроҥҥа ыҥырыллан сэриигэ барбыта.
Эбэм Варвара Павловна ол саҕана 6 саастааҕа үһү, кыратык онон-манан өйдүүрүнэн убайа Миитэрэйи сэриигэ атаараллара дьоно ытаспыттарын саныыр. Улахан эдьийэ Татьяна Павловна кэлин кэпсээбитинэн аҕалара оҕонньор, улахан абаҕалара, дьиэҕэ баар дьон бары хараастыбыттар уһу. Балта Маайа, 18-таах кыыс тулуйбакка ойуурга ытыы-ытыы куоппут. Ону кытта ыттара ыйылыы-ыйылыы дьонтон арахпатах.
Миитэрэй бэйэтэ 20-бэччэлээх киһи олус бэйэтин кыанара, булка-алка сылдьара, колхуос күүстээх, ыарахан үлэтигэр сылдьыбыт. “Хаһан да төрөөбүт, улааппыт түөлбэтиттэн тэлэһийбэтэх, нууччалыы үчүгэйдик билбэт киһи уоттаах сэриигэ барарыгар тугу-тугу санаахтаабыта…” – диэн эбэм билигин саныыр.
Фроҥҥа ыҥырылларыгар биир дойдулааҕа, Захаров Петр Васильевиһы кытта баран иһэн атырдьах иһин 4 күнүнүгэр 1943 сыллаахха Зояранская диэн нэһилиэнньэлээх пууҥҥа иккиэн хаартыскаҕа түспүттэр. Бу эбэм убайыттан Миитэрэйтэн соҕотох хаалбыт хаартыска.
Саллаат Дмитрий Христофорович Иванов Ийэ дойдутун көмүскүү сылдьан, сэрии бүтүө 2 ый хаалбытын кэннэ, 1945 с. кулун тутар ыйга сураҕа суох сүппүт, баара суоҕа 22 саастааҕар сэрии толоонугар охтубут эбии, оҕо-уруу хаалбатах. Ханнык чааска сэриилэспитэ, ханна көмүллэ сытара билигин да биллибэт. Сэрии да бүппүтүн кэннэ дьоно өр күүппүттэрэ үһү, баҕар тыыннах буолуо, эргийэн кэлиэ диэн. Кэлин эбэм санаатаҕына: “Ыппыт Миитэрэй дойдутугар төннүө суоҕун билэн ыйылаабыт, дьоммут наһаа аймаммыттар эбит,” – диир.
Биһиги дьиэ кэргэн саллаат Дмитрий Христофорович Иванову мэлдьитин саныыбыт, кини эмиэ эйэлээх олоҕу, Кыайыыны аҕалсыбытынан киэн туттабыт, хаһан да умнуохпут суоҕа. Өйдүү-саныы сылдьар биһиги ытык иэспит.
Ахтыыны суруйда Горохов Владик, 3 – Б кылаас үөрэнээччитэ,
Айыы Кыһата оскуола, Дьокуускай к.