Күндү Ийэбит туhунан ахтыы.
Тапталлаах кун-кубэй Ийэбит, эйэҕэс эбээбит, хос эбээбит, үлэ, тыыл ветерана, үрдүк кылаастаах «көмүс илиилээх» иистэнньэн, РСФСР бытовой сулууспатын туйгуна, «Бочуот знака» орден кавалера, САССР Персональнай пенсионера САССР норуотун хаhаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Горнай улууhун бочуоттаах олохтоо5о, «Трудовая Слава Якутии» диэн кинигэ5э киирбит Текеянова Варвара Спиридоновна бу күн сириттэн барбыта 3 анаар сыл буолла.
Кини Горнай оройуонун Маҥаны нэhилиэгин Бордуолаах бөһүөлэгин Бахтайбыт алааhыгар 1925 сыл атырдьах ыйын 13 күнугэр күн сирин көрбүтэ.
1947 сыл А5а дойду сэриитин инбэлиитэ Прохоров Н.В. кэргэн тахсыбыта. Кини армияҕа бастыҥ снайперынан сылдьыбыт, бойобуой ахсааныгар 77 өстөөх суруллубут. 1957с сэриигэ ылбыт бааhыттан ыараханнык ыалдьан суох буолбут. Ийэбит эдэр сааhыгар – улахан о5ото 9 сааhыгар, кырата 1,5 сааhыгар, 4 о5отун кууспутунан огдообо хаалбыт. Со5отох ийэ эрэйин-кыhал5атын билээхтээтэ5э. Кэлин иккистээн эмиэ А5а дойду сэриитин инбэлиитигэр Николаев Н.И. кэргэн тахсыбыт. Кини сэриигэ лейтенант этэ. Взводу, ротаны хамаандалаабыт, «Кыhыл знамя» орденынан на5араадаламмыт. Биир кыыс оҕоломмуттар. Кэргэнэ эмиэ ыарыhах буолан куруутун балыаhа5а сытан эмтэнэрэ, эмиэ огдообо хаалбыта.
Онон ийэбит барахсан күүстээх санаалаах буолан биэс о5отун атын оҕолортон итэҕэhэ суох көрөн-харайан улаатыннаран, үөрэхтээх, улэлээх, барыбытын толору дьоллоох ыал гына тэрийэн, ону таhынан сиэннэрин, хос сиэннэрин көрсөр дьолу билэн үөрбутэ. Балтыта Маайа эдэр сааhыгар ыалдьан олохтон туораабыта. Кини кыыс о5отун Тинаны биhи эбээбит Даарыйа ийэбитин кытта тэннэ бүөбэйдэһэн улаатыннарбыттара. Ийэбит барахсан бу олохтон барыар диэри эдьиийбит Тина олуhун махталын биллэрэн ийэбитин үөрдэрэ, куруутун көрсөрө. Таптыыр эдьиийэ Зоя эмиэ о5олоро кыра эрдэхтэринэ ыарахан ыарыыттан бу олохтон барбыта. Кини о5олоругар эмиэ ийэбит, со5отох ийэ, төһө кыа5а тиийэринэн сүбэ-ама биэрэн куруутун көмөлөһө сатыырын өйдүүбүн. Кини ити курдук олус үтүө майгылаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыhыана, элэккэй, сүрдээх үөрүнньэҥ, аhыныгас, утуө сүбэһит, ыалдьытымсах, остуол хотойорунан элбэх минньигэс астаах, түргэн-тар5ан, ыраас-чэбэр туттуулаах, олус дьаhаллаах уонна ирдэбиллээх буолааччы.. Кини тугу сатаабата5а баарай: асчытынан, иистэнньэгинэн, о5уруотчутунан, сибэккиhитинэн чугас эргин тэҥнээҕэ суоҕа. Астаабыт аhа ис-иhиттэн минньигэс, дэлэй, тотоойу буолааччы.
Ийэбит айыл5аны олус таптыыра. Тэлгэhэтигэр араас маhы а5алан олордоро: черемуха, хатын, бузина, боярышник, рябина, акация. Онноо5ор ыраах со5уруу курортарга сылдьан онтон араас уунээйи унугэhин а5алан олордоро, аир болотный а5алан Маатта урэх унуор баар кыра келуччэ5э олоппута эhиилигэр ууммутун көрөн үөрбүтэ ахан. Тэлгэhэтигэр билигин моонньо5он, хапта5ас, малина, хонуу сибэккитин арааhа, сардаана сибэкки чэлгийэ уунэр. Теплицатыгар огурсууну, помидору 85 сааhыгар дылы бэйэтэ буөбэйдээн үүннэрэрэ, сайыҥҥы сибэкки арааhын олордоро. Ийэбит сымна5ас илиитинэн олордубут уунээйилэрэ кинини бэйэтин истиҥник санаталлар.
Убайын Данил Спиридоновиhы кытта сүбэлэhэн эмтээх оту хомуйаллара. Чөл-чэгиэн куттаах, эми мээнэ испэт, отунан доруобуйаларын бөҕөргөтөр буоланнар кинилэр уhун уйэлэммиттэрэ буолуо.
Варвара Спиридоновна ыалдьыттара, аймах дьоно, о5олоро, сиэннэрэ бары кини сырдык мичээрин, минньигэс амтаннаах оттоох чэйин, тымныы суоратын, ып-ыраас сырдык дьиэтин, кини үтүө субэлэрин, улэhит «көмүс» илиилэрин хаhан да умнуохпут суо5а.
Биhиги ийэбит Варвара Спиридоновна танас арааhын тигэрэ. 1975 с. «Сардаҥа» ыччат-комсомольскай коллективыгар истээх сон тигэр биригээдэ5э наставнигынан улэлээбитэ. Сыл ахсын түүннэри-күннэри өрөбүлэ суох учугэйдик улэлээн, туhэриллибит былаанын аhары толорон, тэрилтэ5э социалистическай күрэхтэhии кыайыылаа5ынан тахсара. Тохтоло суох тас танаhы тигэр иистэнньэҥинэн 1992 с. диэри улэлээбитэ. Мин ыал кыра атаах о5ото буолан, ийэбин кытта күн аайы бытовой комбинатка сылдьыhарым. О5о сааhым онно ааспыта диэтэхпинэ ал5аhаабатым буолуо. Ийэм барахсан түүн 24.00 – 01.00 чааска диэри иистэнэрин илэ харахпынан көрөрүм. Күннээҕи дьиэ түбүгүн, тэрилтэтигэр улэтин таhынан, биhиэхэ барыбытыгар таҥнар таҥаспытыттан са5алаан унтуубутугар, бэргэhэбитигэр, са5ынньахпытыгар тиийэ тигэрэ. Онтубут барыта быысапканнан, о5уруоннан, куруhуба, ришелье, мережка көрүҥүнэн уратыланан киэркэйэрэ.
Күндү ийэбитин, эбээбитин, хос эбээбитин, убаастыыр эдьиийбитин Варвара Спиридоновнаны, сырдык мичээрин, сүбэтин-аматын, өйөбүлүн, тыыннаахпыт тухары умнуохпут суо5а. Ийэбит олорбут олоҕо, улэлээбит үлэтэ биhиэхэ мэлдьи утуө холобур, өйдөбүл буолар.
О5олоро:
Николаевтар, Заровняевтар, Прохоровтар, Бережновтар, Прибылыхтар.
Аймахтара:
Багиновтар, Сидоровтар, Львовтар, Ивановтар, Текеяновтар.
О5олорун сиэннэрин, чугас аймахтарын аатыттан ахтыыны суруйда кыра кыыhа Прибылых Любовь Николаевна, РФ уопсай үөрэхтээhинин бочуоттаах улэhитэ, СР үөрэ5ириитин туйгуна. «Уус –Алдан улууhун үөрэҕириитигэр кылаатын иhин» бэлиэ хаhаайына.
. 05.05.2020 с.