Аҕабыт сэрии сылларыгар 7 саастаах этэ,сэрии саҕаланыыта Бөрөлөөхтөн сатыы Дупсуҥҥэ сылдьан убайынаан Киэсэлиин үөрэммиттэрэ ус кылааһы бутэрэн баран эрдэ улэһит буолан ” Үүнүү” колхоз араас улэлэригэр улэлээн, төһуу улэһиттэрэ буолан хайҕалга сыльдьыбыттар. Эрдэ эдэр сааһыттан улэһит буолбута сэрии сут-кураан кэми,аччыктааһыны иинчэҕэй эттэринэн билбит дьон.Сайынын бурдук ыһыытыттан саҕалаан, от улэтэ тумуктэнэн, кыстыкка киирии бары улэлэрин түбүгэр тахсыылаахтык кинилэр саҕанааҕы көлүөнэлэр курдук сырыттахтара.
1948 сылтан ус сыл Өлуөхүмэҕэ мас кэрдиитигэр улэлээбит,сайынын өрус уутун батыһа Тиксиигэ диэри хоту тутуу маһын болуотунан уһаарыытыгар сылдьыбыттар. 1953 сыл тракторист идэтин баһылаан МТС-ка киирэн үлэтин саҕалаабыт. 1970 cыллаахха Дьокуускайдааҕы билиҥҥи тыа хаһаайыстыбатын техникумун иһинэн биир сыллаах салайар үөрэҕи ааһан кэлэн биригэдьииринэн үлэлиир. 1974 сыл «Октябрь», «Коммунизм» колхозтар базаларыгар олоҕуран «Дүпсүн» совхоз тэриллиэҕиттэн кыһынын булчутунан, сайынын субан сүөһү бостуугунан, от үлэтигэр оскуола оҕолорун сыһыаран икки звенону тэҥҥэ салайан үлэлэтэр этэ. 1985 cыллаахха үлэ ветеранын үрдүк аатын сүкпүтэ, ол бириэмэҕэ Дүпсүн отделениятыгар үлэлиирэ.
На5араадалара: Үлэ ветерана; Улуу Кыайыы юбилейнай мэтэллэринэн наҕараадаламмыта. Дети войны
Стручков Иннокентий Сергеевич – II
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.