Эльберяков Григорий Денисович 1925 с. олунньу 19 күнүгэр төрөөбүтэ. 1943 с. ыам ыйыгар сэриигэ ыҥырыллыбыта. Ленинградскай 328-с гвардейскай стрелковай дивизия 1012 стрелковай полкатыгар ручной пулеметчик. Ленинградскай уобалаhынан, Прибалтиканан, Рига аннныгар тиийэ пехотаҕа сылдьыбыта. Кини пулеметчик, автоматчик, разведчик. 1945 с. кулун тутар ыйга 2-с группалаах инвалид аҥар атахтаах эргиллэн кэлбитэ. Алтынньы 7 күнүгэр 2008 с. ыалдьан күн сириттэн хомолтолоохтук туораабыта. Таатта улууhун бочуоттаах олохтооҕо.
Наҕараадалара:
«Хорсунун иһин» 2 мэтээл
«Бойобуой үтүөлэрин иһин» мэтээл
Аҕа дойду сэриитин I истиэпэннээх уордьаннаах
«1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин» уонна да элбэх мэтээллэрдээх, наҕараадалардаах.
Эльберяков Григорий Денисович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.