1941 сыллаахха балаҕан ыйын 14 күнүгэр сэриигэ бэбиэскэ тутан ыҥырыллан барбыт.
Москва куорат аннынан, Соҕуруу- Арҕааҥы фроҥҥа 21 Армияҕа, 81 дивизияҕа 53 стрелковай полкаҕа рядовой саллаатынан сылдьыбыт. Уоттаах сэриигэ киирсэн , аттыгар снаряд эстэн, 1942 сыллаахха олунньу ый 13 күнүгэр улаханнык бааһыран, 2 группалаах инбэлиит буолан дойдутугар төннүбүт.
1943 сыллаахха оройуоннааҕы потребительскай кооперация «Холбос» үлэтигэр олоҕун сибээстиир. Потребкооперация үлэһиттэрин профсоюһун райкомун бэрэсэдээтэлинэн, заготовка хонтуоратын дириэктэринэн, бэрэсэдээтэли солбуйааччыларынан үлэлээбитэ.
1944 сыллаахха Райпотебсоюх үлэһиттэрэ уонна пайщиктаахтара «Ийэ дойду фондатын хаҥатыыга» туохха да тэҥнэниллибэт сүҥкэн үлэни оҥороннор, актыыбынай кыттыыларын иһин, ол бэлиэтинэн, кинилэргэ райпотребсоюз бэрэсэдээтэлэ Варламов, райком профсоюһа бэрэсэдээтэлэ Ксенофонтов аатыгар «Иосиф Сталин илии баттааһыннаах Правительственнай телеграмма туппуттара.»
1953 – 1960 сс. диэри Бүлүү оройуонун райпоребсоюһун бэрэсэдээтэлигэг элбэх сыратын биэрэн үлэлээбитэ.
1966 сыллаахха ахсынньы 5 күнүгэр ыарахан ыарыыттан бу дойдуттан олохтон туораабыта.
Мэтээллэрэ:
• За отвагу;
• За оборону Москвы;
• Медаль за доблестный труд в Великой Отечественной войне в 1941-1945 гг;
• Юбилейная медаль «Двадцать лет Победы Великой Отечественной войны».
Ксенофонтов Роман Никифорович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.