Мин а5ам Григорьев Иван Дмитриевич- Чыбыы Илин-Ханалас, 2-с Тыыллыма нэьилиэгэр, Дьо5удай алааьыгар 1880 сыллаахха тереебутэ. Бииргэ тереебут тердуелэр. Улахан уол о5о Амурга олохсуйбут, иккис уол- мин а5ам, уьус кыыс о5о Ханалас улууьугар Хоточчуга, кыра уол Алдан Хатыыстаа5ар олохсуйбуттар.
А5ам ыраах сиринэн бултуур, тургэн туттуулаах, кыанар киьи буолан нэьилиэгэр аан бастакынан 1945 с. паспорт ылбыт. Сэрии сылларыгар 1943 с. “Стахановец” аатын ылар. 1944-1945сс. туулээх былаанын 300-500% толорор. Суурбэччэ сыл устата “Саха АССР бастын булчута” аатын сугэн Республика бочуотунай дуоскатыттан туспэтэ5ин докумуоннара туоьулууллар. Сталин тебелеех “За доблестный труд в ВОВ 1941-1945 гг.” медаль ылар.
Улахан уола Григорьев Иван Иванович 1941-1942 с. сэриигэ инвалид буолан теннер, 1943-1946 сс. кистэлэн авиапорт тутуутугар Учурга сылдьар. Онно а5ам иккитэ уолугар сатыы хайыьарынан ас илдьэн биэрбит.
Иккис уола Григорьев Николай Иванович сэриигэ 1943 с. барар, снайперынан сылдьар, 1945-1948 сс. Япония сэриитин кыттыылаа5а. “Японияны кыайыы иьин” медальлаах.
А5ам Иван Дмитриевич дьонун-сэргэтин сэрии сылларыгар, онтон сут дьылларга куус-кеме буолан, бултаан аьатан, улахан кемену онорон бар дьонун махталын ылбыт.
Ийэм Мартынова Варвара Павловна уйэтин тухары пиэрмэ5э ыанньыксыттаабыта, учугэй улэтин иьин “Лучшая доярка ЯАССР” 1965с. буолбута.
Мин а5ам, ийэм ил-эйэ, олох сайдыытын, дойдуларын, о5олорун, ыччаттарын туьугар олорбут олохторунан киэн туттабын, кинилэр ааттарын уйэлэргэ ааттатар ытык иэстээхпитин умнубаппыт.
А5ам 1973с. 93 сааьыгар олохтон туораабыта.
Ахтыыны суруйда, кыра кыыьа Ефремова Анисья Ивановна