Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Попова Парасковья Семеновна

1925 с. от ыйын 20 күнүгэр Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр төрөөбутэ. 9 сааһыгар оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ, 4 кылааһы бүтэрээт борооску көрүүтүгэр, от үлэтигэр улахан дьону кытта тэннэ үлэлээбитэ.
1942 с. Аччаҕар нэһилиэгин Жданов аатынан колхоз балык бултааһыныгар диэн, ыраах Кэбээйи оройуонугар күһүн көһөрүллүбүтэ. Хаар түһүүтэ Луҥха үрэҕин оҥочонон өксөйөн Саҕа диэн дьаам үүтээнигэр тиийэн тохтообуттара. 17 саастаах эдэркээн кыыс уһун кыһыны быһа муҥха ойбонун тэһиигэ эр дьонтон хаалсыбакка үлэлээбитэ. Сайыннары-кыһыннары балык бултааһыныгар куустээхтик үлэлээн нуормаларын толороллоро. 1944 с. күһүөрү дойдуларыгар уу суолунан төннүбүттэрэ.
1948 с. Сивцев Павел Павловичтыын ыал буолан Сылан нэhилиэгин Бэрэ учаастагар олохсуйан, биэс оҕону төрөппүттэрэ, 12 сиэн, 12 хос сиэн кинилэр олохторун салҕыыллар. Пенсия5а тахсыар диэри колхозка, о5о уhуйааныгар улэлээбитэ. Тохтоло суох колхозка дьаныардаах үлэтин элбэх мэтээллэрэ, наҕараадалара туоһулууллар: “Килбиэннэх үлэтин иһин”, «За доблестный труд в ознаменование 100-летия со дня рождения В.И. Ленина», “Кыайыы 30 сылынан”, “Кыайыы 40 сылынан”, “Ударник коммунистического труда”, “Ветеран труда”, “Медаль материнства” уо.д.а элбэх грамота, махтал сурук, өйдөбүнньүк бэлэхтэр. 1995 с., 70 сааhыгар кун сириттэн барбыта.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.