Юбилейная медаль «60 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг»
Юбилейная медаль «65 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.
Медаль «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.»
Медаль «За победу над Германией в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.»
Юбилейная медаль «50 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.»
Медаль 60 лет победы в ВОВ Республики Саха (Якутия)
Медаль 65 лет победы в ВОВ Республика Саха (Якутия)
.
Медаль 70лет победы в ВОВ Республики Саха ( Якутия)
Окоемова Мастура Гаврильевна – үлэ, тыыл бэтэрээнэ. Кини 1934 сыллаахха алтыньы ый 13 күнүгэр Бороҕон сэлиэнньэтигэр, урукку оройуон киинигэр Томторго үһүс оҕонон күн сирин көрбүт. Төрөппүттэрэ аҕата Окоемов Гаврил Александрович, ийэтэ Окоемова Ольга Николаевна колхозтаах ыаллар эбит. Эбээбит оҕо сааһа Окойом күөлүн Күөттүк, Кырдал, Төрүт – диэн сирдэринэн ааспыт. Кини ийэлээх аҕатыгар наһаа сыстаҕас буолан оскуолаттан күрээн кэлэ турар эбит, иннэ гынан оскуолаҕа үөрэммэтэх.
Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр ас-таҥас кырыымчык буолан аччыктааһын, хоргуйааһын да баар этэ. “Оҕо сылдьан ийэбинээн сиэттиһэн баран иһэн суолга, онно-манна дьоннор охто сыталларын муодарҕаан көрөр этим, эргийэн көрөөрү гыннахпына, ийэм өйдөнөр бокуой биэрбэккэ түргэн түргэнник хаамтаран, ситэри көрдөрбөккө күрдьэн илдьэ бара турара, кэлин санаатахпына, кырдьык суолга хоргуйан охтон өлө сытар дьон өлүктэрин көрбүт эбиппин” – диэн кэпсиирэ.
Сэрии ыар сылларыгар мин эбээм саҥа чороччу улаатан эрэр кыыс, ийэтигэр көмөлөһөн колхуозка ынах-сүөһү көрсөн улааппыт. Тиийэн борооннор турар сирдэрин харбыыра, сүөһү сааҕын хоруудаҕа күрдьэрэ, отторун үллэрэн уурара, киэһээ ньирэйдэри тутан хаайталыыра, түптэни буруолатан ынахтары хомуйан аҕалара. Сайын улахан дьону кытта окко оҕус сиэтээччинэн сылдьара, колхуоска ынах ыан баран, сайылыктан сатыы бөһүөлэккэ үүтүн киллэрэр үһү. Ол курдук күн аайы хара сарсыардаттан хара киэһээҥҥэ дылы үлэлиир эбит.
Сэрии кэмигэр кураан дьыл туран, бурдук бааһынатын аһыҥа ыһан, бааһына кытыытыгар дьаама хастараллар үһү. Онно таҥаһынан быанан бурдугу сөрөөн аһыҥаны дьаамаҕа түһэрэллэр эбит. Дьаама иһэ кып-кыймаҥнас арыылаах баҕайы курдук аһыҥа буолара диэн кэпсиирэ.
Кини бэйэтин «биһиги оонньоммотох оҕо саастаах дьоммут» дэнэр этэ.
Кэлин улаатан баран колхуозка бастаан субай сүөһүлэри көрүүгэ, онтон икки-үс сыл үлэлээн баран, сыыйа ыанньык ынахтары ылбыт. Колхуоска сайынын ынахтары үстэ-түөртэ ыаталлар эбит. 1950-1970 сылга диэри, 20 сыл устата доярканан илиитин араарбакка үлэлээбит.
Биэс уонус сыллар бүтүүлэригэр кураан буолан, от үүммэккэ, атын сиргэ баран оттуур, онно сылгыны, ынаҕы көһөрөн илдьэн, үрдүгэр кыстаан олорон үлэлиир кэмнэр бааллар эбит, оннук үлэҕэ колхуос эдэр-сэнэх, үлэни кыайа-хото тутар, төһүү үлэһиттэри талан ыыталлар. Ити кэмҥэ Победа колхуос правлениетын быһаарыытынан Курбуһах сиригэр Күөттүккэ Крылов Петр Гаврильевич – диэн колхуоз биир тутаах үлэһитин, сылыгыһытын кытары хас даҕаны эдэр доярка кыргыттары кыстата ыыппыттар. Ол кыстаан олорон хос эһээм Петр Гаврильевич уонна хос эбээм Мастура Гаврильевналыын билсэн, доҕордоһон саас холбоспуттар, Крыловтар – диэн ыал буолбуттар. Онтон Курбуһах нэһилиэгэр Быччыылык – диэн бөһүөлэккэ, дьиэ-уот туттан эдэр ыал олохсуйбуттар. Үс кыыс уонна биир уол оҕоломмуттар. Эһээбит Петр Гаврильевич оҕолоро кыра эрдэхтэринэ, ыарахан ыарыттан 45 сааһыгар ыалдьан өлбүт.
Огдообо эбээбит аҕатын Гаврилы кытта биэс оҕону көрөн-истэн улаатыннарбыттара. Сарсыарда олох эрдэ үлэлии барара, үлэтин быыһыгар кэлэн бэйэтин хотонун көрө охсоро, ол быыһыгар оҕолорун кытары бодьуустаһара, онтон эмиэ үлэтигэр ойоро, киэһээ үлэтиттэн кэлээт хотонун, дьиэтин-уотун өрө тардаат кулуупка ыытыллар мероприятияларга көхтөөхтүк кыттара.
Мастура Гаврильевна наһаа түргэн туттуулаах, эр киһилии кыайыгас-хотугас, хайа баҕарар үлэттэн толлон турбат, арҕааттан кэлбити аһатар, илинтэн кэлбити ириэрэр, наһаа ис иһиттэн уйаҕас-сайаҕас, нарын-намчы дууһалаах, санаарҕаан санньыйбат, айылҕаттан бэриллибит үтүө-көнө майгылаах, кини айылҕа оҕото этэ. Айылҕалыын алтыһарын олус сөбүлүүрэ. Сайынын оттоон-мастаан, күһүнүн сир аһын арааһын хомуйара, муҥхаҕа, күрэххэ дьону кытары тэҥинэн көтүппэккэ сылдьыһара. Баар суох Быччыылыгын туһугар эттиин-хаанныын ыалдьара, дьонун-сэргэтин наһаа сөбүлүүрэ, кинилэр тустарыгар кыһаллара. Эбээбит барахсаны үлэһитинэн киэҥ тутталларын, дьоно-сэргэтэ кинини суохтуурун, кини туһунан үтүө өйдөбүллээхтэрин истэммит үөрэбит, эбээбитинэн киэҥ туттабыт!
Эбээбит 80 сааһыгар дылы дьоллоох оло5у олорон ааспыта, оҕолорун иитэн-аһатан, үөрэттэрэн бары үлэһит дьон буолбуттара. Билигин бары ыаллар. Ол курдук 4 оҕотун, 12 сиэнин, 7 хос сиэннэрин көрөн-истэн, үөрэтэн-такайан, көмөлөһөн 2015 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр ыалдьан бу күн сириттэн барбыта.
Кини олоҕун салҕыахпыт, кини аатын үйэтитиэхпит!