Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Портнягина Марфа Гаврильевна

Биһиги тапталлаах ийэбит, эбээбит, хос эбээбит Портнягина Марфа Гаврильевна “Саха республикатын доруобуйа харыстабылын туйгуна”, ” Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо”, үлэ уонна тыыл ветерана, сэрии кэннинээҕи кыһарҕаннаах сылларга дьон доруобуйатын, чөл олоҕун туһугар өр кэмҥэ дууһатын сылааһын ууран үлэлээбит тыа сирин түбүктээх биэлсэрэ этэ. Кини 1927 сыллаахха атырдьах ыйын 16 күнүгэр Уус-Алдан Бороҕонугар күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Говорова Варвара Ивановна ийэбит балтараа саастааҕар, онтон аҕата Портнягин Гаврил Емельянович (Саһылыкаантан төрүттээх) 1936 с. Санкт-Петербургтааҕы юридическай институту бүтэрэн дойдутугар төннөн иһэн Иркутскай куоракка ыалдьан өлөн ийэ, аҕа тапталын билбэккэ улааппыта, эһээтигэр биллиилээх олоҥхоһут Говоров И.И иитиллибитэ.
Эдэр сааһа сэрии кэмигэр уонна дойдуну чөлүгэр түһэрии ыарахан сылларыгар ааспыт буолан унньуктаах уһун сэрии уот кураан сылларын, ыарахан үлэни, аччыктааһын диэн тугун этинэн – хаанынан билбитэ. Онтон 1949 сыллаахха Дьокуускайдааҕы фельдшерскэй-акушерскай оскуоланы бүтэриэҕиттэн 32 сыл устата фельдшерынан, ол иһигэр 17 сыл устата акушерканан үтүө суобастаахтык үлэлээн пенсияҕа тахсыбыта. Үлэтин Уус – Алдан Кэптэнитигэр саҥа медпуҥҥа сэбиэдиссэйинэн саҕалаабыта. Онтон ыла кини эмчит быһыытынан дьон дьылҕатын, доруобуйатын туһугар туруулаһар сындалҕаннаах үлэтэ саҕаламмыта. 1950 сыллаахха Дүпсүн балыыһатыгар биэлсэринэн ананан кэлбитэ. . Маҥнай утаа быраастар оройуон киинигэр эрэ бааллара, суол-иис, сибээс куһаҕана уонна эм-том да тиийбэтэ элбэх күчүмэҕэйдэри үөскэтэрэ. Үлэтигэр чахчы бэриниилээх тыа сирин оччотооҕу биэлсэрэ күнү-түүнү, өрөбүлү, бырааһынньыгы аахсыбакка үлэлиирэ, тугу барытын сатыыра: дьахтар төрөтөрө, кыһалҕа тирээтэҕинэ тиис да туурара, онтон ол кэмнэргэ буулаабыт сэллик, трахома, сыстыганнаах ымынах ыарыылары бохсорго элбэх сыратын биэрбитэ. Ыраах-ыраах бытанан олорор Бээди, Остуойка, Дабаадыма учаастактарыгар, сайылыктарга суһал ыарыһахха, оҕолорго быһыы оҥоро сатыы, эбэтэр атынан сылдьара, утуйар уутун умнан төрүүр оҕо түһэҕин көтөҕөн, элбэх оҕоҕо күн сирин көрдөрөн “чэпчэки илиилээх” эмчит быһыытынан биллэрэ.
Кини Уус-Алдан Кэптэнигэр медпункт сэбиэдиссэйинэн, Мэҥэ-Хаҥалас Майа бөһүөлэгэр акушерканан, Төхтүргэ балыыһа сэбиэдиссэйинэн, Кэлин Уус-Алдаҥҥа Дүпсүн участковай балыыһатыгар , Чэриктэй, Бээди, Благодатнай медпууннарыгар сэбиэдиссэйинэн бары кыһамньытын ууран, үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ үрдүктүк сыаналанан “Ленин төрөөбүтэ 100 сыла”, Сталин юбилейнай, Аҕа Дойду сэриитин юбилейнай медалларынан, элбэх почетнай грамоталарынан наҕараадаламмыта, Үлэ, тыыл ветерана, “Саха республикатын доруобуйа харыстабылын туйгуна”, “Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо” бочуоттаах ааттар иҥэриллибиттэрэ. Пенсияҕа тахсан баран Дьокуускайга Агропромстрой ПМК-гар, Саха госуниверситетын АХЧ – гар өр кэмҥэ үлэлээбитэ. Ханна да үлэлээтэр дьон сэргэ дириҥ ытыктабылын уонна убаастабылын ылар этэ.
1951 сыллаахха аҕабытын, сэрии алдьархайын илэ хараҕынан көрбүт, тус бэйэтин этинэн хаанынан билбит, хорсунун иһин элбэх бойобуой мэтээллэрдээх, Аҕа Дойдуну көмүскүүр сэрии кыттыылааҕа Босиков Иосиф Андреевиһы көрсөн ыал буолан, үс оҕону төрөтөн 47 сыл устата бииргэ дьоллоохтук олорбуттара. Аҕабыт сэрии кэнниттэн Дүпсүн нэһилиэгин советын председателинэн, райпо председателинэн, Октябрь холкуоска, Дүпсүн совхозка отделение управляющейынан уһун кэмҥэ таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, сэрии, үлэ ветерана этэ.
Төрөппүттэрбит тустарынан үтүө өйдөбүл оҕолоругар, сиэннэригэр, хос сиэннэригэр үйэлэргэ хаалыаҕа!!!

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.