Биһиги хос-хос эһэбит Филиппов Егор Данилович 1881 сыллаахха Сунтаар улууһун Наахара нэһилиэгэр тоҕус уоллаах, аҕыс кыыстаах улахан дьиэ кэргэҥҥэ бүтэһик оҕонон төрөөбүтэ.
Кэргэниниин Анна Матвеевналыын 52 сыл иллээхтик олорон 5 оҕону төрөппүттэрэ. Егор Данилович нэһилиэгин дьонун – сэргэтин өйүгэр – санаатыгар сорсуннаах булчут быһыытынан хаалбыт. Кэлин Егор Данилович колхуос чилиэнин быһыытынан араас үлэлэргэ барытыгар сылдьыбыта, 1953 сыллаахха Амакинскай экспедицияҕа сирдьитинэн үлэлээбитэ
Филипповтар улахан кыыстара, биьиги хос эбээбит, Матрена Егоровна Жиркова 1914 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Ыал улахан оҕото буолан кыра эрдэҕиттэн дьиэ ис-тас үлэтигэр эриллэн улааппыта. 1937 сыллаахха Тойбохойтон төрүттээх Жирков Иван Михайловичка кэргэн тахсан үс оҕону төрөппүтэ. Иван Михайлович олус уус илиилээҕэ, дьиэлэрин бэйэтэ туппута, дьиэ ис бараанын, миэбэлин барытын бэйэтэ оҥортообута хойукка диэри ферма ыалларыгар, нэһилиэк олохтоохторугар туттулла сылдьыбыттар эбит. Иван Михайлович колхоз бэрэссэдээтэлинэн, маҕаьыын сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан балыырга түбэһэн сэрии иннинэ аҕай 1941 сыллаахха ыам ыйыгар хаайыыга баран ыалдьан өлбүтэ.
Онон сэрии кэмигэр Матрена Егоровна үс оҕолоох эдэр сааһыгар огдообо хаалбыта. Үс ыы-кырбас оҕону хайдах гынан тыыннаах хааллартыыр, атахтарыгар туруорар ыарахан сорук эдэркээн дьахтар намчы санныгар сүктэриллибитэ.
Жирковтар сэрии иннинэ «Быараҕас» диэн сиргэ тэриллибит ТОС табаарыстыба диэҥҥэ сүөһүлэрин холбоон үлэлии сылдьыбыттара, сэрии кэмигэр кэҥээн «Коммунар» колхоз буолбута. Матрена Егоровна «Коммунар» колхоз төһүү үлэһитэ буолбута. Кини эр киьи курдук күүстээх буолан сэриигэ барбыт эр дьоннор үлэлэрин толорбута. Ол курдук, сылгыһыттаабыта, кыһынын от тиэйээччинэн, саас – сайын күрүө тутааччынан сылдьыбыта, от үлэтигэр кэбиһээччи эмиэ кини буолара. «Мотуруона туппут күрүөтэ олус бөҕө буолааччы»,- диэн кырдьаҕастар хойукка диэри ахталлара. Ырыаҕа ылланар «Биэс киһи үлэтин биир дьахтар толорор» Өкүлүүн барахсан курдук биьиги эбээбит Матрена Егоровна дьахтар киэнэ хоһууна, хорсуна, үлэһитэ буолан аччык да дьылларга оҕолорун айахтарын тутахсыппатаҕа, барыларын улаатыннартаабыта, үөрэхтээбитэ, улэһит дьон, ыал оҥортообута.
Колхоз үлэтигэр илиитин араарбакка үлэлии сылдьан 1955 сыллаахха улаханнык ыалдьан уурайбыта. Икки сыл устата ороҥҥо – тэллэххэ сытан баран күүстээх санаатынан, олоххо тардыһыытынан туран сиэннэрин көрсүбүтэ. Бэйэтэ үөрэҕэ суох эрээри үөрэх диэни олох үрдүктүк тутар этэ, хас биирдии сиэнэ үөрэнэригэр үп-харчы да, өй санаа да өттүнэн улахан көмө буолара. Кини оҕолоро бары үтүө үлэһит дьон буола улааппыттара. Уола – Жирков Иван Иванович өр сылларга Кириэстээх ПКҕа хонуу биригэдьииринэн, сиилэс звенотун салайааччытынан, механизаторынан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, XX үйэ тыа хаһаайыстыбатыгар рекордсмена буолбута. Улахан кыыһа – Васильева Дария Ивановна Герой-Ийэ, тыа хаһаайыстыбатын биир бастыҥ үлэһитэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Орто кыыьа Васильева Евдокия Ивановна үрдүк үөрэхтээх зоотехник этэ, кырата Аммосова Октябрина Ивановна үрдүк үөрэхтээх библиотекарь, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
«Кыайыы туһа, оҕолорбут тустара»,- дии-дии күүстэрин харыстаммакка үлэлээбит эбээлэрбит барахсаттары хаһан да умнумуоҕуҥ, сэмэйдик ахтан ааьыаҕыҥ.
Жиркова Матрена Егоровна
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.