Томскай Фёдор Семёнович (1921-2007) – 1921 сыллаахха Кыадаҥда нэһилиэгэр “Халгый” диэн сиргэ төрөөбүт, учуутал, Бүлүү училищетын бүтэрэн баран Баппаҕаайыга учууталынан үлэлии сылдьан 1941 сыл балаҕан ыйыгар армияҕа тылланан туран барбыта, 247-с СД 196-с СП “Максим” пулемётнай система взводун командира, лейтенант. 1945 сыллаахха демобилизацияланан “Хорсунун иһин”, “Германияны кыайыы иһин” бойобуой мэтээллэрдээх, кыайыы көтөллөөх дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Аҕа дрйлу сэриитэ l степэнэ уордьанынан наҕараадаламмыта. 2007 сыл муус устар ый 6 күнүгэр Баппаҕаайыга олорон өлбүтэ. Федор Семёнович уҥуоҕа кыра буолан (1,48 см) армияҕа ылымаары гыммыттарын туруорсан туран барбыта. Маҥнайгы сырыытыгар Мальтаттан төннөрбүттэрэ. Иккиһин 1942 сыллаахха барбыта. Саллаат ахтыыта: “Биир ый үөрэнэн баран, Арҕаа фроҥҥа ыыппыттара. Мин стрелковай полк пулемётнай расчётун командира этим. Биһиги чааспыт Калуганы, Сухиничини уо.д.а. бөдөҥ куораттары босхолообута. 1943 сыллаахха тохсунньуга киэҥ-куоҥ шоссе устун немец обуоһа иһэрэ.Биһиги расчёппут кини суолун бүөлээбитэ. Маскировкаланан сыттахпытына бастакы нүөмэрдээх сержант Егоров маннык этэр: “Табаарыс командир, эн миигиннээҕэр бэргэнник ытаҕын, онон биир да өстөөх кууоппатын курдук кутаа уотунан көрүс!”. Мин сөбүлэһэн, кини миэстэтигэр көспүтүм. Өстөөҕү кыҥыырбын уураппаппын. Кинилэр 200 метртэн биһигини бэлиэтии көрбөттөр. Өстөөҕү лаппа чугаһатан баран, уоту саҕалаабытынан барабын. 1943 сыл. Брянскай туһаайыыта. Өстөөх биһиги кимэн киирэн иһэр подразделениеларбытыгар дохсун уоту аспыта. Биһиги расчёппут роталар кимэн киириилэрин хааччыйыахтааҕа. Ол эрээри рота өстөөх уотугар түбэспитэ. Мин биирдэ өйдөөбүтүм “Ураа!” хаһыытыы-хаһыытыы гранаталаах инники сүүрэн иһэрим. Миигин саллааттар өйөөбүттэрэ. Өстөөх дэриэбинэттэн үүрүллүбүтэ. Бу атаакаҕа “Хорсунун иһин” медалынан наҕараадаламмытым.”
Фёдор Семёнович Томскай олорбут олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар.
Томскай Фёдор Семёнович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.