Максимов Иван Дмитриевич (1923-1986) – 1923 сыллаахха l Күүлэккэ төрөөбүтэ, Андреев аатынан колхоз чилиэнэ, армияҕа 1943 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр ыҥырыллыбыт, 1950 сыл муус устар 4 күнүгэр демобилизацияламмыт. “Японияны кыайыы иһин”, “1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээллэринэн наҕараадаламмыт. Сэрииттэн кэлэн баран колхоһугар, онтон совхозка араас үлэҕэ сылдьыбыта. 1986 сыллаахха Кыадаҥдаҕа олорон өлбүтэ.
Саллаат Иван Дмитриевич ахтыыта: “Борохуотунан Бүлүү куоратыттан 200-тэн тахса киһи барбыппыт. Иркутскайтан сир-сиргэ тарҕаспыппыт. Миигин Арҕаа сэриигэ ыыппатахтара, онон Забайкальскай байыаннай уокурукка хаалларбыттара. Сэриигэ барар кавалерийскай аттары үөрэтэр чааска Монголия таһыгар тохтоон, онно үөрэтэн Арҕаа сэриигэ атаарар этибит. Манна сэрии бүтүөр диэри сылдьыбытым, онтон 1945 сыл күһүн Япония сэриитигэр атырдьах ыйын 22 күнүгэр илин барбыппыт. Аҕыйах нэдиэлэ Япония биир куоратыгар сэриилэспиппит кэннэ сэрии бүппүтэ. Онтон билиэҥҥэ түбэспит японецтары харабыллааһыҥҥа сылдьыбытым. 1946 сыллаахха биһиги чааспытын Владивостокка көһөрбүттэрэ. Онно 1950 сыллаахха диэри сулууспалаабытым. Дойдубар эргиллэн баран колхозка, совхозка рабочайынан үлэлээбитим”.
Саллаат Иван Дмитриевич Максимов аатын оҕолоро, сиэннэрэ үйэтитэллэр.
Максимов Иван Дмитриевич
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.