Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Михеев Андрей Гаврильевич

Михеев Андрей Гаврильевич (1922-1988) – l Чочу нэһилиэгэр 1922 сыллаахха төрөөбүтэ, баартыйата суох, армияҕа 1943 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр ыҥырыллыбыт, lll Украинскай
фронт 41-с СД 244-с СП рядовой саллаата. 1943 сыл ахсынньы 12 күнүгэр араанньытынан демобилизацияламмыт. Бүлүүгэ райпотребсоюзка үлэлээбитэ. 1988 сыллаахха Бүлүү куоратыгар олорон өлбүтэ. Андрей Гаврильевич сэриигэ барарыгар Чочутун дьонун куоттаран, Бүлүү куорат олохтоохторун кытта айаннаабытын хомойон ахтан ааспыт. Дассааҥҥа тиийэн ый курдук харантыыҥҥа сыппыттарын кэннэ байыаннай үөрэххэ үөрэппиттэр, онно Японияны утары сэриигэ бэлэмнэнэн буолуо, кыраныыссаҕа окуопа хаһыытыгар сылдьыбыт. Ол кэннэ алтынньы ыйга Арҕаа фроҥҥа тиийэн, Украинскай фронт 41-с дивизиятын 244-с стрелковай полкатын 6-с автоматнай ротатыгар рядовой саллаат быһыытынан сэриилэһэр. Биһиги биир дойдулаахпыт Харьков таһыгар Алексеевка диэн дэриэбинэни босхолуур кыргыһыыга кыттыыны ылбыта. Белгород иһин кыргыһыыга сылдьан буомба түһүүтүгэр контузияланан, оскуолакка таптаран атаҕар бааһырар. Икки ый кэриҥэ госпитальга эмтэнэн баран, армияттан сыыйыллан, 1944 сыллаахха дойдутугар тохсунньу томороон тымныытыгар тиийэн кэлэр. Андрей Гаврильевич сахалартан бииргэ сэриилэспит дьонун Софронеев Андрейы, Санников Стёпаны уонна Егоров Тимофей Васильевиһы ахтан ааспыт. Сэрииттэн кэлэн баран Бүлүү куоратыгар горпоҕа үлэлэбитэ.
Андрей Гаврильевич Михеев олоҕо ыччаттарыгар салҕанар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.