Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Будищев Николай Спиридонович

Будищев Николай Спиридонович (1924-1994) – Үөһээ Бүлүү Харбалааҕар 1924 сыллаахха төрөөбүт, армияҕа 1943 сыл ыам ыйыгар ыҥырыллыбыт. Японияны утары сэрии кыттыылааҕа. 1948 сыллаахха демобилизацияламмыт. Колхозка, совхозка механиктаабыта. 1994 сыллаахха Чочуга олорон өлбүтэ. Саллат Николай Спиридонович ахтыыта: “Биһиги 1943 сыллаахха бэс ыйын 20-тин диэки Үөһээ Бүлүү Харбалаах дэриэбинэтиттэн 24 буолан барбыппыт. Оройуон киинигэр комиссияланан баран “Москва” борохуотунан Дьокуускайга тиийбиппит. Дьокуускайтан Иркутскай куоратынан Монголияҕа чааспытыгар айаннаабыппыт. 15 суукка карантиҥҥа олорон баран муус устар ыйга саҥа стрелковай 43 полк 1-гы батальонугар противотанковай ротаҕа түбэспитим. Балтараа ый буолан баран танкаҕа ыйааһыным тиийбэккэ, балтараа сыл автобатальоҥҥа сылдьыбытым. Үөрэнэн бүтэрэн баран 32 ремонтнай батальоҥҥа сылдьыбытым. Ол бириэмэҕэ 1945 сыл атырдьах ыйыгар Японияҕа сэрии биллэрбиттэригэр автобатальоҥҥа иккис шофёрунан сылдьыбытым. Табаарыһым Волков Василий Андреевич диэн Иркутскай киһитин кытта сылдьыбытым, кырдьаҕас икки этэ. Наһаа сөбүлэһэн үчүгэйдик сылдьыбыппыт. Снаряд уонна ас-таҥас таһар этибит. Ый аҥаарын курдугунан Порт-Артурга Манчжурияны туораан тиийбиппит. Онно балтараа сыл буолан баран, демобилизацияламмытым. Дойдубар Харбалаахха тракториһынан үлэлээбитим. Онтон 1951 сыл Чочуга кэлиэхпиттэн олоробун”. Сэрии саҕаланыыта ини-биилэр армияҕа барбыттара. Бастакынан Будищев Пётр Спиридонович – ll, Сэмэн Спиридонович, Пётр Спиридонович – l 1942 сыллаахха, Николай Спиридонович – l уонна Николай Спиридонович – ll 1943 сыллаахха барбыттара. Саллаат
Николай Спиридонович Будищев олоҕун ыччаттара салгыыллар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.