Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Егоров Василий Егорович

Егоров Василий Егорович – 1912 сыллаахха олунньу 7 күнүгэр Кыадаҥда нэһилиэгэр төрөөбүт, 1941 сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр армияҕа барбыт, 343-с СП рядовой саллаата. 1945 сыл сэтинньи 15 күнүгэр демобилизацияламмыт. “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Германияны кыайыы иһин” бойобуой мэтээллэрдээх дойдутугар эргиллэн кэлбит. Бүлүүгэ сибээс узелыгар оробуочайдаабыта, Бүлүүгэ олорон өлбүтэ. Саллаат Василий Егорович ахтыыта: “Мин, Егоров В.Е., 1912 с. Кыадаҥда нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Онтон Бүлүү куоратыгар киирэн олохсуйбутум. Улахан дьоҥҥо ликбезка учууталлаабытым, онтон Сыралтаҕа ааҕар балаҕаҥҥа үлэлээбитим. 1940 сыл сберкасса харабылынан, онтон пороховой складка үлэлии сылдьан 1941 сыллаахха армияҕа барбытым. 1941 с. Читаҕа, онтон Дассаҥҥа, Хоронорга үөрэммитим. Манчжурияҕа үлэлии сылдьан испинэн ыалдьан Хоронорга госпитальга эмтэммитим. 1943 с. тохсунньу 13 күнүгэр фроҥҥа барбытым. Калининскай фроҥҥа сэриилэспитим. Сэтинньи 14 күнүгэр араанньы буолан Ленинградскай госпитальга эмтэммитим. Үтүөрэн баран Выборг куоракка караулга сылдьыбытым. Онтон сэтинньи 18 күнүгэр 1945 с. демобилизацияламмытым. Сэрииттэн кэлэн баран конюхтаабытым, билигин кочегардыыбын”. Василий Егорович Егоров олоҕун, оҕолоро сиэннэрэ үйэтитэллэр.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.