Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Сокольников Алексей Николаевич

“Мин оҕо сааһым сэрии иннинэ эрэ дьоллоохтук ааспыта. 1925 с төрүөхпүн. Аҕыс сааспар Усть-алдан Түүлээх нэһилиэгэр үөрэххэ киирбитим. 1933-1938 с начальнай оскуоланы бүтэрбитим. Ол кэнниттэн оскуолаҕа эбии кылаас аһылларын кэтээн икки сыл өрөөн баран 1941-1942 сс 5-6 кл үөрэммитим, үөрэхпэр үчүгэй этим. 1941 с аҕам эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Нөҥүө сылыгар ийэм өлбүтэ. Ити сылтан үөрэхпин хаалларбытым. Сэрии саҕана оҕолор биһиги колхозка бааһынаҕа сыыс от үргээн, сиэмэ ичигэстээн туос аччык сылдьарбыт. Сиэмэ куолаһын кладовщик ыйаан тутара. Үлэбит түмүгэр, көлөһүн күнэ ааҕыллара. Итини таһынан моҕотойдуурбут, күтэрдиирбит. 1942 с. мобилизация быһыытынан, биһигини үс киһини колхозтан от ыйыгар Хачыкаакка суол оҥоһуутугар ыыппыттара. Мин онно сынгалаан ыалдьан дойдубар сэтинньи ый бүтүүтэ кэлбитим. Кэлээт доруобуйам мөлтөөн, ити сыллар охсууларыгар доруобуйабын көннөрөн баран дьонум төрөөбүт сирдэригэр, 1945 с Тэбиик нэһилиэгэр “Энгельс” колхозка колхозтаах буолбутум. 1949 с сутааһыҥҥа, көһүргээһиҥҥэ оччотооҕуга Көбөкөҥҥө “Коминтерн” колхоз арыытыгар кыстаабыппыт. Сити сааһыгар мин кэргэннэнэн манна хаалбытым. Онтон ылата бу дойдуга бастаайаннай олохтоохпун” ити эһээм бэйэтэ суруйан хаалларбыт ахтыыта. Аҕыс оҕоломмутуттан, билигин түөрт оҕото баар. Кини үтүө аатын ыччаттара, хос сиэннэрэ салгыы тураллар. Эһээм наҕараадалара: ” 30 лет Победы в Великой Отечественной Войне 1941-1945 гг.”, Ветеран Труда, “50 лет Победы в Великой Отечественной Войне 1941-1945 гг.”, “За доблестный труд в Великой Отечественной Войне 1941-1945 гг.”, ” Маршал Советского Союза Жукова”. Ахтыы суруйда сиэнэ Сокольникова М.И

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.