Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Чиряев Дмитрий Семёнович

Чиряев Дмитрий Семёнович (1903-1944) – Күөл Кыадаҥдаҕа Кыа
даҥда нэһилиэгэр 1903 сыллаахха төрөөбүт, “1 Маай” колхоз чилиэнэ, армияҕа 1941 сыл балаҕан ыйын 4 күнүгэр ыҥырыллыбыт, 348-с СД 1172-с СП рядовой стрелогунан сэриилэһэ сылдьан 1944 сыл муус устар 10 күнүгэр сэрии хонуутугар охтубут.Калининскай уобалас (билиҥҥитэ Тверь уобалаһа) Малододутскай оройуонун Урдом диэн сэлиэнньэтигэр бырааттыы көмүүгэ хараллыбыт. Кыыһа Чиряева Варвара Дмитриевна ахтыыта: “Аҕам сэриигэ барарыгар мин 5-тээх быһыылааҕым. Сэриигэ барааччылар Бууттар дьиэлэрин кытыытынан, ити билигин Эҥиэнтэйдээхтэн барыыга чыыска баара, онон атынан барбыттара. Аҕабыт хортууһун таһынан хара сиэккэлээх этэ. Макаров Сергей Кириллович уолунаан Макаардыын, биһиги аҕабыт буолан бииргэ барбыттара. Кинилэри кытта Ыстапаан Сэмэнэ барбыта. Ийэм аҕабын кытта акка мэҥэстэн куоракка киирсибитэ, киһитин атааран баран атын төттөрү таһаарыахтаах этэ. Биһиги кулууп таһыгар оонньуу хааллыбыт. Сарсын аччыктыыбыт диэн өйдүөхпүт баара дуо. Аҕабыт сэриигэ барарыгар 7 оҕо, аҕабыт ийэлээх аҕалара, ийэбит көрүүтүгэр хаалбыттара. Ийэбит Балбаара колхозка үлэлиирэ, кыһынын дьаам сүүрдүүтүгэр сылдьара. Ол сылдьан ону-маны булан тыыннаах хааллахпыт. Эбэбит эрэйдээх көрөн, аһатан-сиэтэн киһи буолбуппут. Олох тоҥхоччу түһэн хаалбыт эмээхсин этэ. Муксунов Пётр диэн булчут баҕайы күтүөттээх этибит. Ол киһи сэрииттэн кэлэн абыраабыта дии саныыбын. Мотя кини кыыһа, улахаммыт. Аҕабыт сэриигэ барарыгар кэриэһин: “Мотяҕын эрэ ыалга биэрэр буолаайаҕын’, – диэхтээбит.
Саллаат Дмитрий Семёнович Чиряев аатын элбэх ыччаттара салгыыллар, үйэтитэллэр.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.