награжден орденом Красной Звезды (пр. № 18/н от 03.08.1944 г., ЦАМО, ф. 33, оп. 690155, запись №31443054), медалями «За взятие Берлина», «За победу над Германией в Великой Отечественной войне 1941—1945 гг.», «За победу над Японией» и 16-ю благодарственными письмами Главнокомандующего И.В. Сталина, знаком «Лучший танкист».
В РККА призван 17.06.1942 Якутским объединенным РВК. Служил в 32 запасном полку лыжников заместителем политрука, в 5-й танковой бригаде танкистом Т-34, до конца войны его экипаж изменился 16 раз, он сам был тяжело ранен 3 раза. Воевал в Калининском фронте, 1-й р.п. 2-й стрелковой роте мотострелковом пулеметном батальоне 78 отдельной танковой Невельской Краснознаменной бригады, дивизии 2-м Прибалтийском, 3-м Украинском, 1-м Белорусском фронтах, принимал участие при освобождении городов Ленинград, Калининград, Харьков, Варшава, Псков, Резина, Идрицы, Невель и при взятии Берлина. Дошел до Эльбы, после чего его часть была переброшена на Дальний Восток, где принимали участие при разгроме Квантунской армии в Маньчжурии, Харбине до Порта Артура.
24.07.1944 командир МСПБ, капитан Самойленко написал один из эпизодов его боевого подвига: «Тов. Максимов П.П. во время наступальных боев с 11 по 18 июля 1944 года в районе Кудеверь, Духново и гор. Опочка, действуя в составе танкового десанта автоматчиков проявил отвагу, мужество и умение бить врага. 11 июля у деревни Спиридово танковый десант встретил сильное сопротивление врага. Тов. Максимов с группой автоматчиков обошли врага и ударом с фланга уничтожили две огневые точки. Тов. Максимов сам лично уничтожил 4 фашистких солдат и двух взял в плен. За время боев дважды ходил в атаку на вражеские позиции с своим примером увлекал остальных бойцов. За проявленную отвагу и мужество в бою, за образцовое выполнение задания командования”.
Звание: Гвардии старшина.
Член ВКП (б).
Демобилизован в 1945 г., инвалид ВОВ II степени.
Максимов П.П. родился в 1919 г. в Лягинском наслеге Восточно-Кангаласского улуса Якутской области. 5 классов образования. Член колхоза. Окончил курсы трактористов. До войны работал в Октемском МТС.
После войны жили в с. Булгунньахтаах Орджоникидзевского района. Работал трактористом, дизелистом.
Умер в 1987 г. в с. Булгунньахтаах Орджоникидзевского района.
Жена Ирина Григорьевна. Дочь, внуки и правнуки живут в Хангаласском улусе и г. Якутске.
Максимов Петр Петрович -Максимов Петр Давыдович – Ойуун Бүөтүр уола. Кини 1919 сыллаахха Лээгигэ төрөөбүтэ. Биэс кылаас үөрэхтээх. Халыҥ, киппэ көрүҥнээх, ортону үрдүнэн уҥуохтаах, хойуу хара баттахтаах, үрдүк сүүстээх, киэҥ хара харахтаах кыаһаан киһи этэ.
Отутус сылларга дьоно олохторо табыллыбакка көһөргө күһэллибиттэр, ол көһөн иһэн ийэлэрэ кыһыл оҕотунаан аара суолга өлбүттэр, аҕалара Петр Давыдович тоҕус оҕолоох киирэн Кыһыл Үрүйэҕэ олохсуйбут, ол гынан баран, сотору ыалдьан өлбүт.
Онон улахан оҕолор кыра бырааттарын, балыстарын бэйэлэрэ көрөн-истэн олорбуттар, кыра саастарыттан холкуос араас үлэтигэр эриллэн улааппыттар.
Петр Давыдович Покровскайга трактористар курстарын бүтэрэн Өктөмҥө МТС-ка трактористаабыт, ол үлэлии сырыттаҕына Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланан, кинини 1942 сыллаахха бэс ыйын 16 күнүгэр сэриигэ ыҥырбыттар, барыта 30 тракторист буолан барбыттар. Сэриигэ Петр Петрович 32-с хайыһардьыттар саппаас полкаларыгар политрук көмөлөһөөччүтүнэн сылдьыбыт, онтон сотору киин фроҥҥа баран бааһыран госпитальга киирэн тахсыбыт. Сэрии бүтүөр диэри Т-34 танкаҕа 5-с танковай биригээдэҕэ танкиһынан сылдьыбыта, сэрии бүтүөр диэри экипаһа 16 төгүл уларыйбыт, бэйэтэ үстэ улаханнык бааһыра сылдьыбыт.
Кини Калининградскай, Прибалтийскай, 3-с Украинскай, 1-кы Белорусскай фроннар кэккэлэригэр Ленинград, Калининград, Харьков, Варшава курдук бөдөҥ куораттары босхолооһуҥҥа кыттыбыт, Псков, Резена, Идриц, Невель, Берлин куораттары босхолоспут, Эльбаҕа тиийэн союзниктары көрсүбүтэ.
Онтон Илиҥҥи Фроҥҥа Маньчжуриянан, Харбинынан, Порт-Артурга тиийэ Квантунскай аармыйаны үлтүрүтүспүтэ.
1944 сыллаахха 2-с Прибалтийскай фроҥҥа 78-с танковай дивизияҕа сэриилэһэ сылдьан үс буолан суостаах немецкэй «Тигр» танканы тарааннаан 7 ниэмэһи билиэн ылбыттар, онно танкист Максимов ураты хорсунун иһин Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаламмыта. «Берлини ылыы иһин», «Германияны кыайыы иһин», «Японияны кыайыы иһин» диэн мэтээллэрдээх, уонна Главнокомандующайтан 16 махтал суруктаах сэрииттэн кэлбитэ. Гвардия старшината, «Туйгун танкист» диэн ааты ылбытынан киэн туттара.
Сэрии кэмин кини бу курдук ахтара: «Сэрии сылларыгар элбэх эрэйи көрбүтүм, суос сыллар этилэр, ордук хаан тохтуулаах кыргыһыылар 1942 с. сайын уонна күһүн саҕаламмыттара, уу диэн утатан испитиҥ киһи хаана буолара», – сэрии суолугар сүтэрбит бойобуой доҕотторун улаханнык хараастан олорон ахтан-санаан кэпсиирэ, «Сталин суоҕа буоллар биһиги кыайбат этибит, кини норуоту сатаан түмэ тарпыта уонна муударай өйүнэн кыайбыта », – диирэ. Сталин портретын оронун үрдүгэр хара өлүөр диэри ыйаан турбута, онтон сылтаан партиятыттан уһуллубута.
Ити курдук икки уоттаах сэриигэ кыттан, 1945 сыллаахха тапталлаах Сахатын сиригэр эргиллэн кэлэн кэргэнинээн Ирина Григорьевналыын өр сыл Орджоникидзевскай оройуон Булгунньахтааҕар дьоллоохтук олорбуттара.
Сэрии сыллара аҕам чэгиэн доруобуйатын улаханнык айгыраппыт этилэр. Ол курдук кини тыҥатыгар тоҕус буулдьаны илдьэ кэлбитэ аалан ыалдьан, алтатын эпэрээссийэлэтэн ылларбыта, 2-с группалаах инбэлиит буолбута, ол да буоллар аҕам ити үлүгэрдээх оскуолкалары этигэр-хааныгар илдьэ сылдьан сытан-олорон хаалбатаҕа, олох үөһүгэр инники күөҥҥэ сылдьыбыта, өр кэмҥэ трактористаабыта, дизелистээбитэ, уус дьиэтигэр үлэлээбитэ. Кини үрдүк эппиэтинэстээх, идэтин чахчы баһылаабыт механизатор этэ. Ыччаты кытта көрсүһүүгэ аны сэрии олох буолбатыгар баҕатын этэрэ. Олус амарах, үөрүнньэҥ дууһалаах этэ, куруук сүбэлии-амалыы сылдьара. Дорҕоонноох түргэн саҥата киһи санаатын көтөҕөрө. Аҕам кыайыыны уһансыбыт сындалҕаннаах сырыыта, дойдутугар бэриниилээх, харса суох, хорсун санаата үтүө холобур буола туруо, сиэннэрин түһэҕэр көтөҕөн олорон, күлэн-үөрэн тойук туойара умнуллуо суоҕа.
А.П.Федорова, 2004