В РККА призван 04.09.1941 г. Чурапчинским РВК Якутской АССР. Служил в 111-й танковой дивизии, полевая почта 34621. Умер 12.07.1943, похоронен в Читинской области.
Никифоров С.В. родился в 1915 г. в Лягинском наслеге Восточно-Кангаласского улуса Якутской области. Член колхоза им. Пушкина Амгинского района Якутской АССР.
Жена Мария Павловна, имеют 2 детей. Сын, внуки и правнуки живут в Амгинском улусе и Якутске.
Спиридон Васильевич Тоторбот аҕа ууһуттан төрүттээх Могдойо Баһылай кыра уола, Лээгигэ төрөөбүтэ. Орто уҥуохтаах, бэйэтигэр сөп толору эттээх-сииннээх, хара бараан сирэйдээх, саҥата суох, үлэлии-хамсыы сылдьар идэлээх киһи этэ. Байыыккалартан Алексеевтар кыыстарын кэргэн ылбыта. Ол иһин Амма-Наахара нэһилиэгэр Пушкин аатынан холкуоска киирбитэ. Бастыҥ, кыайыгас үлэһит быһыытынан биллибитэ. Түргэн туттуулаах киһи этэ. Хотуурунан от охсуутугар тэҥнээҕин булбатаҕа.
Сэриигэ Мэҥэ-Хаҥалас ОБК 04.09.1941 ыҥырыллыбыта. Полевой почтата 34621. 111 мсп 111 тд сулууспалаабыта. Ийэ дойдутун көмүскээн, сэрии толоонугар охтубута. Спиридон Васильевич 1943 с. от ыйын 12 күнүгэр Читинскэй уобаласка көмүллүбүтэ.
Кэргэнэ Мария Павловна, оҕолоро – Файзул, Валерий. Файзул Амма Наахараҕа олохсуйбута, 5 уоллаах: Спиридон, Ион, Василий, Терентий, Валерий, 2 кыыстаах.
Кыра уола Валерий Спиридонович – Тоторботтортон маҥнайгы летчик идэлээх киһи. Араас тииптээх самолеттары салайан айаннаабыт, көтүппүт киһи буолар.