Местников Петр Иванович 1917 сыл от ыйын 10 күнүгэр “Нэлэгэр” сайылыкка Иван Васильевич, Марина Спиридоновна Местниковтар дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Аҕата уола 7 саастааҕар, ийэтэ 1935 сыллаахха өлбүттэр.
Петр Иванович оҕо сааһа сүрдээх эриирдээх ыарахан кэмҥэ ааспыт. Кыра сааһыттан “Күөдьүйбүт”колхоз араас үлэтигэр үлэлээбит.
7 кылаас үөрэхтээх.
1942 сыллаахха Бороҕоннуур быһа суолу тута сылдьан, фроҥҥа барарга бэбиэскэ тутан, убайа Семен Ивановичтыын сэриигэ барбыттар.
1942 сыл атырдьах ыйыгар Челябинскай куоракка тиийэн, хайыһар хамаандатыгар байаннай үөрэҕи барбыт.
1943 сыл тохсунньу 29 күнүгэр Москва куорат таһыгар аҕалан, сэриигэ барар чааска араартаан ыыппыттар. Петр Иванович пехотаҕа түбэспит. Кини сулууспалыыр чааһа Орловскай уобаласка тиийбит. Манна Березовка дэриэбинэ иһин кыргыһыыга Дь1201 батальоҥҥа көмөҕө тиийбиттэр. Бу Петр Иванович сэриигэ бастакы сүрэхтэниитэ эбит.
1943 сыл атырдьах ыйыгар III группалах инбэлиит буолан, дойдутугар эргиллибит. 1947 сылга диэри колхоһугар бухгелтерынан үлэлээбит. Пенсияҕа тахсыар диэри колхозка сылгы иитиитигэр, хонуу үлэтигэр уонна да атын араас үлэлэргэ үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Дария Павловна Карманиловалыын ыал буолан, 4 кыыс, 3 уол оҕоломмуттара.
Петр Иванович 1993 сыллаахха 76 сааһыгар ыалдьан, күн сириттэн барбыта. Кини олорботох олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар.
Местников Петр Иванович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.