1942с сэриигэ ыҥырыллыбыта. Украина, Румыния, Австрия, Венгрия, Чехословакия территорияларын үгүс куораттарын, дэриэбинэлэрин босхолоспута. Сэриини Прага куоракка ыам ыйын 9 күнүгэр түмүктэспитэ. Сэрии сылларыгар стрелогунан, автоматчигынан, пулеметчигынан, мед.сан.взводка санитарынан, писарынан сылдьыталаабыта.
Кыһыл сулус орден, Бойобуой үтүөлэрин иһин, Венаны, Будапеһы, Праганы босхолооһун, Германияны кыайыы иһин, Улуу Кыайыы 20,25,30сылыгар, СССР сэбирэниилээх күүстэрин 50, 60сылыгар, В.И.Ленин төрөөбүтэ 100сылыгар аналлаах мэтээллэр, Гвардия бэлиэтэ уонна Үрдүкү Главнокомандующай И.В.Сталин 10 махтал суруга Ийэ дойдутун чиэстээхтик көмүскээбитин туоһулууллар.
Аринкин Филипп Хрисанфович
Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.