Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Потапов Николай Григорьевич

Потапов Николай Григорьевич (1921-2001) – 1921сыллаахха төрөөбүт, учуутал, сэриигэ 1942 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр ыҥырыллыбыт. Степной фронт (кэлин Украинскай фронт) 27-с артиллерийскай полкатын 5-с батареятыгар расчёт командира, 1945 сыллаахха младшай сержант званиелаах сулууспатын түмүктээбитэ, “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин”, “Германияны кыайыы иһин” мэтээллэринэн, Аҕа дойду сэриитэ l степэнэ уордьанынан наҕараадаламмыта. Сэрии кэнниттэн Саха сирин военкоматтарыгар үлэлээбитэ. Подполковник, 2001 сыллаахха Дьокуускайга олорон өлбүтэ.
Потапов Николай Григорьевич сэрии бастакы сылларыгар Чочу оскуолатын 4-с кылааһыгар учууталлаабыта. 1942 сылга бэбиэскэ тутан сэриигэ аттаммыта. Кини аатырбыт Курскай тоҕойго таан
ҥка сэриитин Прохоровкатааҕы кыргыһыытын кыттыылааҕа. Чочуттан ыҥырыллан барбыт Бүлүү хорсун уолаттара биир полкаҕа түбэсиһэн сулууспалыы сылдьыбыт кэмнээхтэрэ: Константинов Н.И., Томскай А.З., Потапов Н.Г.
Степной фронт 142-с ПАП РГК 1943 сыл балаҕан ыйын 8 күнүнээҕи 10/н №-дээх командир майор Загайнов илии баттааһыннаах бирикээһэ (ЦАМО, ф. 33, оп. 686044, д. 2723): “Белгород куорат иһин кыргыһыыга младшай сержант орудиетын расчётын кытта 2 төгүл өстөөх тааҥканан кимэн киириитин самнарбытын, онно өстөөх 4 тааҥкатын урусхаллаабыттарын иһин уонна Харьков куоракка кыргыһыыга өстөөх икки 6-лыы уостаах миномёттарын уотун самнарбыттарын иһин “Хорсунун иһин” мэтээлинэн наҕараадалыырга”. Николай Григорьевич Потапов аата үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин.
Умнубаппыт! Сүгүрүйэбит! Махтанабыт!!!

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.