Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Васильев Семен Николаевич

Биһиги аҕабыт, эһээбит, хос эһээбит Васильев Семен Николаевич Сталинграды босхолоспута. Сталинграды босхолуур хаан тохтуулаах кыргыһыыга Таатта оройуонуттан Чычымахтан кыттыбыта. Семен Николаевич балаҕан ыйын 19 күнүгэр 1916 сыллаахха Олуннаах диэн үрэххэ төрөөбүтэ. Чычымах оскуолатыгар 4 кылааһы бүтэрэн баран холкуоска үлэлии барбыт. Холкуоска биригэдьииринэн, бэрэссэдээтэли солбуйааччынан, сүөһү, сылгы биригэдьииринэн үлэлээбит. Сылгыһыт быһыытынан үлэлиир кэмигэр 100 биэттэн 75 кулуну ылан үрдүк көрдөрүүнү ситиспит. Семен Николаевич сэрии иннигэр бурдук үүннэриитигэр Иван Богдокумов, Иван Малышев, Еремей Малышев буоланнар, гектартан 15-18 сэнтиниэр бурдугу ылан, 1939 с. Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын быыстапкатыгар кыттыбыттара. 1941сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр Охотскай Перевозка бэбиэскэ тутан, иккис хомуурга ыҥырыллан уоттаах, уодаһыннаах сэриигэ барбыт. Кини оҕотун, кэргэнин, кырдьаҕас ийэлээх аҕатын хаалларан, ыарахан сүгэһэрдээх айаҥҥа туруммута. Төрөөбүт алаастарыттан, алаһа дьиэлэриттэн арахсан 15 эдэр дьон санаа тиийбэт сиригэр Ийэ дойдуларын кемүскүү сэриилэһэ барбыттара. Уһун унньуктаах айан Монголияҕа тиэрдибит. Манна тыйыс климаты, ис тиибин тулуйбакка дьон үгүстэрэ өлбүттэр. Семен Васильев Иркутскай таһыгар 9 ый устата кавалерийскай чааска үөрэммит. Манна үөрэнэн баран, тимир суолунан аттарын, сааларын-сэптэрин илдьэ Сталинград туһаайыытынан айаннаабыттар. Волганы туораан тус-туһунан чаастарга арахсан барбыттар. Сталинград таһыгар баар дэриэбинэлэри босхолооһуҥҥа стрелогунан сылдьыбыт.
Аҕам бэйэтин кэпсээниттэн: “Фроҥҥа чугаһаан истэхпит аайы сэрии дьулаанын уу харахпытынан көрдүбүт, тыаһын-ууһун эт кулгаахпытынан иһиттибит. Волга өрүһү туораан иһэн трактор завода умайа турарын көрдүбүт. Байыаннай дьон быһыытынан Паулюс армиятын кытта сэриилэспитинэн бардыбыт. Биэстии-алталыы хонук сэриилэһиннэрэн баран тыылга таһаараллара. 4 кылаас үөрэхтээхпин, “бар”, “кэл” диэни эрэ нууччалыы өйдүүбүн. Ол үрдүнэн ким да атаҕастаабатаҕа. “Сибиряк” диэн хос ааттыыллара. Кыргыһыыга “Вперед! Ураа!” диэн хаһыытаат, уһуура турар уот ортотунан сүүрэрбит. Өстөөх тоһуйа сытан биһиэннэрин сылбах курдук охтортуура. Биһиэхэ биир күҥҥэ биэрэр 30 ботуруоннаах ботуоҥкабытын былаакка суулаан хочулуокпар илдьэ сылдьыбытым. Биэстэ эстэр бинтиэпкэлээҕим. Ыстыыга уһун баҕайы этэ. Араас омук эр бэртэрэ миэхэ олус ытыктабыллаахтык сыһыаннаспыттара.”
Сүрүн улахан кыргыһыыга кыттааһына Орловскай уобалас тимир суол станциятыгар буолбут. Бу кыргыһыыга “Кыһыл сулус” уордьанынан наҕараадаламмыт. 1943 сыллаахха атаҕар улаханнык бааһыран Ростов куорат госпиталыгар киирэн, онтон Ставропольскай кыраай Ессентуки куоратыгар үс ый кэриҥэ госпитальга сытан эмтэнэр. 1943 сыллаахха иккис группалаах инбэлиит буолан төрөөбүт алааһыгар эргиллибит. Семен Николаевич дойдутугар сельпоҕа түүлээх тутааччынан, балыаһаҕа завхоһунан, ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээн колхоз, совхоз экономикатын бөҕөргөтүүгэ дьоһун кылаатын киллэрсибитэ. Кэргэнэ Елена Еремеевналыын 1939 с. ыал буолбуттара. 65 сыл бииргэ олорон 11 оҕону төрөтөн күн сирин көрдөрбүттэрэ. Кинилэр 7 уолаттара Советскай Армия кэккэтигэр сулууспалаабыттара. Оҕолор ааттарыгар сулууспалыыр чаастарыттан махтал суруктар кэлэ тураллар эбит. Оҕолор бары сис ыал буолан, сиэн, хос-хос сиэн тэнийэн, удьуор салҕанар.
Аҕам Сталинградтааҕы кыргыһыы 60 сыллаах үбүлүөйүгэр Дьокуускай куоракка бара сылдьыбыта. Сталинградтааҕы кыргыһыы кыттыылааҕа буолан РФ президенэ В.В. Путин, СР Президенэ В.А. Штыров, Таатта улууһун баһылыга М.А. Протодьяконов, ветераннар советтарын, нэһилиэк администрациятын эҕэрдэ суруктарын туппута. Үбүлүөйгэ үөлээннээхтэрин көрсөн, астына кэпсэтэн-ипсэтэн сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ, сэргэхсийэн сирэйдиин-харахтыын сырдаабыта. Улуу Кыайыы 60 сылыгар тиийэр баҕа санаалаах олорон, 2004 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр 87 сааһыгар Чычымах нэһилиэгэр бүтэһик сэрии бэтэрээнинэн олохтон туораабыта. Аҕабыт хорсун быһыыта оҕолоругар, сиэннэригэр кэрэ кэпсээн, умнуллубат өйдөбүл буолан үйэ-саас тухары хаалыа. Кини олорон ааспыт олоҕун чиэстээхтик өрө тутан салгыахпыт.
Аҕам наҕараадалара:
1. Орден «Красной звезды»
2. Орден «Отечественной войны» 1 степени
3. Медаль «За Победу над Германией в Великой отечественной войне 1941-1945 гг.»
4. Медаль «За доблестный труд в Великой отечественной войне 1941-1945 гг.»
5. Медаль «20 лет Победы в Великой отечественной войне 1941-1945 гг.»
6. Медаль «30 лет Победы в Великой отечественной войне 1941-1945 гг.»
7. Медаль «40 лет Победы в Великой отечественной войне 1941-1945 гг.»
8. Медаль «50 лет Победы в Великой отечественной войне 1941-1945 гг.»
9. Медаль «50 лет Вооруженных сил СССР»
10. Медаль «60 лет Вооруженных сил СССР»
11. Медаль «70 лет Вооруженных сил СССР»
12. Медаль Жукова
13. Медаль «Ветеран труда»
14. Знак «Фронтовик 1941-1945 гг.»
15. Почетный гражданин Таттинского улуса
Армияҕа ыҥырыллыбыт сирэ: Чурапчинский районный военкомат
Сулууспалаабыт сирдэрэ: 513 запасной стрелковый полк, Станция Даурия, Кавдивизия, Сталинградский фронт
Воинскай званиета: рядовой, стрелок
Сэриилэспит сыллара: 1941-1943

Ахтыыны хомуйан суруйда улахан кыыһа РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха Республикатын үөрэҕириитин бочуоттаах ветерана, Үлэ ветерана Парфенова Татьяна Семеновна.

Горнай улууһа, Мытаах нэһилиэгэ
25.04.2020 сыл

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.