Биһиги аҕабыт, эһэбит,хос эһэбит Никифоров Петр Кириллович 1911сыл төрүөх. 1942 сылга Ньурба улууһун 1 Хаҥалас олохтооҕо Кыһыл Сухаһыт колхозка суотчутунан үлэлээбит, онно аан маҥнай Комсомуол тэриллиитигэр бастакы чилиэнинэн киирбит, ол сырыттаҕына Аҕа дойду бастакы уоттаах сэриитигэр 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыта. Ньурба бөһүөлэгиттэн борохуотунан онтон поеһынан айаннаан Северо-Кавказскай 15полкатыгар рядовой саллаатынан тимир суолга сулууспалаабыт. Ростов на Дону,Харьков,Минеральные Воды куораттары босхолоспут.Ол сылдьан атаҕар бааһыран госпитальга 1.5 ый эмтэнэн баран аны Илин Фроҥҥа Япониялары кытта сэриилэһэ Харбин –Чанчунь куораттарга тиийбит. Иннэ гынан 4сыл уоттаах сэрииттэн тыыннаах эргиллэн 1946с. ыһыах саҕана дьэ төрөөбүт дойдутугар демобилизацияланан кэлбит.
Хаҥаластан 1950 сыллаахха Ньурбаҕа көһөн киирэн тутууга үлэлээн №1 Ньурба Оскуолатын корпуһун, Оройуон культуратын кулуубун, Нар.СУД, Библиотека курдук оройуон киинин улахан тутууларын тутуспут. Оройуон Паркатыгар аарыма модьу, төбөтүгэр 4 ат бастаах сэргэни туруорбута билигин турар,өр сылларга санатар, оннук оройуоҥҥа биллэр мас ууһа буолар. Араас удьурҕайынан хатыҥынан остуолга уурар аһыыр иһиттэри, чорооннору оҥорбута. 1986сыллаахха хараҕынан көрбөт буола сылдьан, ыарахан ыарыыттан бу орто дойдуттан суох буолта.