Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ
Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.

Канаева-Нестерова Анна Михайловна

Биир сайыҥҥы күн Түбэҕэ дьиэбит күүлэтигэр эбэбинээн үүт сүүрдэ сырыттахпытына холбонон турар араадьыйаҕа урукку ырыаһыттар кэнсиэрдэрин биэрдилэр. Онно саха ырыаһыта «Биэс киһи үлэтин биир дьахтар үлэлиир» диэн ыллаан эйээрдибитигэр эбэм мичилийэн баран “Ити мин ийэм, эн хос эбэн Ааныс туһунан ыллыыр”, – диэбитэ.

Анна Михайловна Канаева – Нестерова – эбэм Шарина Варвара Саввична ийэтэ. Бу күн сиригэр биир үйэни моҥоон олорбут чулуу үлэһит киһи. Икки үйэ үөрүүтүн, аһыытын, ыараханын этинэн-хаанынан билбит хос эбэм.

Кини оччолорго Дьокуускай уокуругун Нам улууһун Атамай нэһилиэгэр Винокуровтар дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн айылҕаны кытта алтыһан, үлэни өрө тутан улааппыт. Таайын кытта Атамай тыаларынан булка сылдьыһар эбит. Биирдэ бултуу сыраттахтарына биэс эһэни өлөрөннөр дьоннорун соһутан турардаахтар диэн эбэм Варвара Саввична кэпсээн турардаах.

Анна Михайловна бастакы кэргэнэ Нам улууһун Салбаҥ нэһилиэгиттэн  төрүттээх Канаев Савва Алексеевич. Маҥнай утаа Хамаҕаттаҕа, Никольскайга олорбуттара, кэлин 1  Хомустаахха олохсуйбуттар. Хас да оҕоломмуттарыттан икки оҕо тыыннаах хаалбыттар. Ол курдук, мин эбээм Варвара Саввична Шарина 1926 с.т., уонна Егор Саввич Канаев 1932 с.т. Аҕалара Савва Алексеевич оҕолор кыра эрдэхтэринэ өлбүт. Кэлин Ааныс Нестеров Иннокентий Авксентьевич – Ардьыыны көрсөн икки кыһалҕалаах дьон холбоспуттар. Иннокентий Нестеров эдэр эрдэҕинэ Алдаҥҥа суол тутуутугар үлэлээбит. Онно үлэлии сылдьан хараҕын оһоллоон көрбөт буолбут.

Анна Михайловна уола Егор Саввич Канаев дьиэ кэргэнин кытта

Сэрии сылларыгар хос эбэбит үлэтин туһунан 1 Хомустаах олохтооҕо, үлэ, тыыл ветерана С. С. Колесов ахтыы суруйбута. Ол ахтыытыттан быһа тардан биэриэхпин баҕарабын.

«Сэрии сылларыгар тырахтарыыстарга хас да сыл устата буочукалаах кыраһыыны, оптуолу сарсыардаттан киэһээҥҥи диэри, күнү быһа тэлиэгэлээх оҕуһунан Канаева Ааныска тиэйэн бааһынаттан бааһынаҕа тиэрдэрэ. Тырахтарыыстар Ааныс күүһүн-күдэҕин сөҕөллөрө, хайдах бу бэйэлээх 200 лиитэрэлээх сүүнэ буочукалары кини соҕотоҕун тэлиэгэҕэ таһааран уурарын.

Мин убайбынаан бааһынаҕа дьабаралыы сылдьан Ааныс ити буочукаларын хайдах тиэйэрин көрөн турабыт. Икки миэтэрэ курдук усталаах икки сонос мастарын тэлиэгэ ойоҕоһугар туруорар, буочуканы төкүнүтэн аҕалаат, мастарын үрдүгэр үтэн ууран туран, атаҕынан өйөөн таһаара түһэн баран, били икки маһыттан өрө көтөҕөн кэбиһэр, ол курдук төһүүлээн албастыыр.

… Сэрии сылларыгар эр дьоннор сэриигэ бараннар, үгүс ыал сиэмэлэрин Ардьыыҥҥа аҕалан суоруналатан абыранар этилэр. Күһүн-саас ыһыы бурдугун ыраастааһыҥҥа биэтэҥкэни эргитэрэ, киниттэн атын итини кыайар кыахтаах киһи суох этэ…

… Ааныска кыһын балбааҕы тиэйэн бурдук бааһыналарыгар чөмөхтөммүт мас ураһа тас өттүгэр маһынааҕар быдан үрдүк гына дьаарыстаан таһаарар этэ, ол тоҥ балбаахтары хас эмэ миэтэрэ үрдүккэ таһаарыы бэйэтэ көннөрү оҕо-дьахтар кыайбат үлэтэ буолуоҕа. Ону таһынан, үлэтин быыһыгар, киэһэ-сарсыарда күөллэргэ туу, харчааҕы уган балыктаан уоллаах кыыс оҕолорун, икки хараҕа суох оҕонньорун аһатара.

Сэрии сылларыгар соноҕостору тутан айааһыы-айааһыы Граф Биэрэгэр киллэрэн борохуокка уган фроҥҥа утаараллара, онтон сорох аттары ыраах таһаҕас таһыытыгар туттараллара, онон от-мас тиэйиитигэр оҕус сүрүн көлө буолара. Ааныс сыл аайы колхуоска көлөһүн күнүгэр оҕус айааһыыр буолара, ол сылдьан аҥар хараҕын оҕус муоһугар дэҥнэтэн, биир бириэмэҕэ хараҕа хара бэрэбээскилээх сылдьыбыта.

Өссө Ааныс айылҕаттан айдарыылаах ньаадьыһыт идэлээх этэ. Дайааркалар ынахтарын уулааҕын, хаһан төрүүрүн быһаартараллара, оттон ынах төрүүрүгэр мэһэйдэннэҕинэ Ааныһы ыҥыраллара. Бастаан сэрии иннигэр Кыһыл-Сыырга балыыһа суоҕа, дьахталлар дьиэлэригэр оҕолонор этилэр, онно бастыҥ ньаадьыһыттара эмиэ Ааныс буолара. Кэлин, сэрии бириэмэтигэр Үөдэйтэн дьиэ көһөрөн аҕалан балыыһа туппуттара. Онно саҥа үөрэҕи бүтэрбит Васильева Дарья Ниловна биэлсэринэн ананан, ийэтин, аҕатын Тааттаттан көһөрөн аҕалан үлэлээбитэ. Кини дьахталлары төрөтөрүгэр Аанысканы ыҥыран аҕалан көмөлөһүннэрэ».

Хос эбэбит сэрии сылларыгар дьаныардаах үлэтин туһунан ахтыы суруйбутугар Сэмэн Колесовка махталбыт муҥура суох. Бу ахтыытын «Эҥсиэли», “Кыым” хаһыаттарга бэчээттэппитэ.

Анна Михайловна Канаева – Нестерова 1947 сыллаахха «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.» медалынан наҕараадаламмыта. Наградной лииһигэр бу курдук суруллубут: «Бу сыллар усталарыгар өрөөбөккө горючай тиэйээччиннэн үлэлээбитэ. Трактор биир да чааска турбатын хааччыйара». 1977 сыллаахха сэрии кэмигэр үлэтин сыаналааннар «Тридцать лет Победы в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.» медалынан наҕараадаламмыта.

Хос эбэбит кэлин Түбэҕэ кыыһыгар Варвара Саввичнаҕа олохсуйбута. Кыыһын үлэтигэр-хамнаһыгар күүс-көмө буолара. Дьиэ ис тас үлэтигэр илии-атах буолан көмөлөһөрө, сиэннэрин көрөн олорбута. Хас кэлбит ыалдьыты, хоноһону итии астаах остуолунан, сахалыы үүттээх чэйинэн көрсөрө. Түбэ олохтоохторо Ааныс чаанньыгын туппутунан ыалдьыттарын, дьонун чэйинэн көрсөрүн күн бүгүн суохтаан кэпсэтэллэр.

1984 сыллаахха ыам ыйыгар күн сириттэн 100 сааһын лаппа ааһан баран күрэммитэ. Көмүс уҥуоҕа Түбэҕэ көтөҕүллүбүтэ.

Кыыһа Варвара Саввична Шарина

Анна Михайловна оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үлэҕэ үөрэппитэ. Үөрэҕи баһылыах оҕолор сэрии тыыныттан кыһарыйтараннар 4 кылааһы бүтэрбиттэрэ. Эбэм Варвара Саввична эргэ тахсан Түбэҕэ олохсуйбута. Уола Егор Саввич Канаев – элбэх оҕолоох ыал аҕата этэ. Төрдүс кылаас кэнниттэн холкуоска араас үлэҕэ үлэлээбит. Кэлин «Нам» совхозка тырахтарыыһынан, комбайнер идэтин баһылаан уопуттаах механизатор буола үүммүтэ.

Уҥа: уола Егор Саввич Канаев үлэтин кэмигэр.

Хос эбэбит Анна Михайловна Канаева – Нестерова күҥҥэ көрдөрбүт икки оҕото Нам оройуонун тыатын хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһиттэрин ахсааннарыгар киирбиттэрэ. Эбэбит Варвара Саввична – бастыҥ ньирэй көрөөччү, Аммосов аатынан совхозка үлэлээбитэ, Саха АССР Верховнай Советын VIII ыҥырыытын депутата, «Знак Почета» орден кавалера, Нам оройуонун уонна Түбэ нэһилиэгин бочуоттаах гражданина буолбута. Егор Саввич Канаев – оройуон чемпион-комбайнера, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ. 1967 сыллаахха бииргэ төрөөбүт Варвара уонна Егор Россия тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин укаһынан тэҥҥэ «Отличник социалистического соревнования сельского хозяйства РСФСР» знагынан наҕараадаламмыттара. Егор Саввич үлэтин туһунан оччотооҕу хаһыаттар сырдаппыттар. Ол курдук «Эдэр коммунист» хаһыат 1967 сыллаах балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи нүөмэригэр суруйбуттар: Эн иннигэр толору астаах лоҥкуйбут куоластардаах арыылыы саһархай бурдук муората долгулдьуйар. Бу – «Нам» совхоз байылыат бааһыната… Бу совхозка бааһына бастыҥ байыастарын балачча ааттыахха сөп. Олортон биир уруттатан – Партизан отделениятын комбайнерын Егор Саввич Канаевы. Кини бурдук хомуурун кылгас болдьох иһигэр, туйгун хаачыстыбалаахтык ыытарга ыҥырыы таһаарбыта. Тыл дьыалаттан арахсыбат: бу ый 27 күнүгэр диэри совхоз 750 гектар сириттэн бурдугу хомуйбут буоллаҕына, – 205-һэ Егор Саввич киэнэ! Гектартан ортотунан 9 центнер быйаҥы ылла.   Хомойуох иһин Егор Саввич Канаев күөгэйэр күнүгэр сырыттаҕына бу күн сириттэн 1976 сыллаахха барбыта. Билигин кинини оҕолоро, ыччаттара аатын ааттаталлар.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.