Победа в Великой Отечественной войне — героический подвиг народа,
о котором нельзя забывать.
В той кровопролитной войне страна потеряла более 26,6 миллионов человек,
из них — свыше 32 тысяч были жителями Якутии.
Для сохранения памяти о якутянах, внесших свой вклад в победу над нацизмом,
НВК «Саха» запускает проект «ПобедаНВК75».
Каждый желающий может загрузить на сайт фото/видео архив, оцифрованные фронтовые письма своих предков и другие сведения о своих родственниках, чтобы память о людях, которые ценой своей жизни смогли одержать Победу, продолжала жить с другими поколениями.
ЛЮДИ ПОБЕДЫ

Насыров Пётр Семёнович

Былыргы сахалар үлэһит киһини утуйар уута суох, төрүөҕүтэн хоһуун киһи диэн сыаналаан бэргэн тыллары туттааччылар. Дьэ, оннук киһи Насыров Петр Семенович этэ. Кини 1916 сыллаахха От ыйын 12 күнүгэр Орһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Уодаһыннаах сэриигэ бэбиэскэ тутаат 1942 сыллаахха Манчжурия кыраныыссатыгар түбэспитэ. Икки ый пограничниктаан баран Монголияҕа Чойболсан куоракка аҕалан үөрэппиттэрэ. Японияны утары сэриигэ килэрбиттэрэ. Көмөҕө Арҕаа армия кэлэн сэрилэһэн барбыта. Япон сэриилэрэ көһөн куотан биэрбиттэрэ. Оҕуһунан, атынан таһаҕас тиэйиилээх айаннаан 19-с хонуктарыгар Хингань хайа сирэйигэр бөҕөргөтүллүбүт учаастагар тиийэн кэлэллэр. Сарсыарда күн тахсыытыгар ытыалаһыы бөҕө буолар. Син өр ытыалаһыы түмүгэр японецтар куотан нахчарыстылар. Саатар түүпүлэннэн тыал курдук көтөллөр. Советскай таанкалар лиһигирээн аастылар. Инникки иһэччи пехота элбэх японеһы билиэҥҥэ ыллылар. Ити курдук пехота айаннаан 9 хонугунан Хоту Китайга киирэр. Уу кэмчи, нуорма. Үстүү хонукка биирдии курууска ууну биэрэллэр. Кухнялара сууккаҕа биирдэ эрэ ситэн аһаталлар.
Чанчунь куоракка кэлэн Петр Семенович дизентериялаан госпитальга киирэр. Үксэ бу госпитальга атарааба, араанньы буолбуттар сыталлар эбит. Капитуляцияланыы иннигэр бу куораты үтүөрэн тахсан босхолоһор. Онтон тас Монголияҕа сулууспалыы сырытаҕына Японияны Кыайыы бырааһынньыга буолар. Биир дойдулаахтарын Михаил Кардашевскай, Павел Захаров буолан көрсүһэн үөрүү-көтүү бөҕө буолаллар. Уонна 40 буолан байыаннай сэп- сэбиргэл ыскылаатын харабыллаабыттара. Дойдутугар 1946 сылаахха Балаҕан ыйын 26 күнүгэр демобилизацияланан төннүбүтэ.
Бу кэлэн баран 1946-1948 сылларга “Кустук” колхозка председателлиир. Онтон 1948-1955 сылларга хонуу үлэтин биригэдьииринэн өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлиир. Тамалакааҥҥа кэлэн 4 сыл эмиэ биригэдьиирдиир. Тамалакааҥа кэлбит сылыгар элбэх бурдугу үүннэрбиттэрин иһин ВДНХ-ҕа путевканнан наҕараадаланан күүлэйдээн кэлтэрэ. 1960-1971 сыларга ыстаарсай сылгыһытынан стиһиилээхтик сылдьыбыта. Онтон пенсияҕа тахсыар диэри сэттэ сыл устата отделение кассирынан, ыскылаатчытынан үлэлээбитэ. 1995 сылга 79 сааһыгар эдэр эрдэҕиттэн ыалдьыбыт ыарыыта көбөн күн сириттэн барбыта. Билигин кини архивыгар ааҕан ситиллибэт үгүс элбэх наҕараадалар, медаллар, орденнар бааллар. Ону барытын оҕолоро сүбэлэһэн Тамалакаан музейыгар уурдара сытабыт.

Нашли ошибку? Просим написать нам: nvk-online@mail.ru с указанием ссылки.